09.06.2026 | 09:30 | Просмотров: 112

Кытыллары ыраастааһын үлэтэ салҕанар

Дьокуускайга муус устар 1-кы күнүттэн уу эбийиэктэрин тулалыыр сирдэри, кытыллары ыраастааһын үлэтэ ситимнээхтик бара турар.
Кытыллары ыраастааһын үлэтэ салҕанар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Олохтоох  дьаһалта тэрийиитинэн уу эбийиэктэрин аттынааҕы сирдэри ыраастыырга маассабай субуотунньуктар билигин да ыытыллаллар.

Субуотунньуктар номнуо буолан аастылар:  

✅203 дьоҕус түөлбэҕэ: “дьиикэй пляж” сирэ-уота хомулунна.

✅Горканалга: Губинскай уонна Октябрьскай уокуруктарга ыраастанна.

✅Киин уокурукка: Щорс аатынан уонна Таалай күөл кытыллара ыраастаннылар.

✅Сайсары уокуруга: Сайсары күөл тулата ыраастанна.

Сыыппаранан:

✅173 уу эбийиэгэ ыраастанна.

✅6 712 куорат олохтооҕо субуотунньуктарга кытынна.

✅692 тэрилтэ аахсыйаны өйөөтө.

✅7 924 куул бөх хомулунна.

✅371 кубометр улахан сабардамнаах бөх полигоҥҥа тиэйилиннэ.  

Уу эбийиэктэрин кытылларын ыраастааһын балаҕан ыйыгар диэри ыытыллар. Олохтоох дьаһалата субуотунньуктарга көхтөөхтүк кыттарга, киин куораппытыгар баар уу эбийиэктэригэр харыстабыллаахтык сыһыаннаһарга ыҥырар. 

1 / 3

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.