Кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат
Саха сирин Үрдүкү суута биир тэрилтэ сокуону кэһэн туран, каадыр исписэлииһин үлэтиттэн тохтоппутун иһин, кини туһатыгар 700 тыһ. солкуобайы төлүүргэ уураахтаата, үлэтигэр төттөрү ыларга соруйда. Ити үп – үлэһит үлэлии сылдьан ылыахтаах хамнаһын, тохтуурга күһэллэн ылбатаҕын иһин, тэрилтэ төлүүр буолла.
Үлэһит “СӨ медико-социальнай эспэртиисэтин кылаабынай бюрота” ФКУ кинини сокуону кэһэн туран, үлэтиттэн тохтоппутун туһунан үҥсүү түһэрбит. Онуоха кинини тус дааннайы иһитиннэрии иһин диэн, РФ Үлэҕэ кодексын 81 ыстатыйатын, 1-кы чааһын, “в” пуунугар олоҕуран тохтоппуттарын кытта сөбүлэспэтин биллэрбит. Ол эбэтэр, кини бииргэ үлэлиир кэллиэгэтин докумуонун, тустаахтан көҥүлэ суох СӨ Судаарыстыбаннай үлэ инспекциятыгар туттарбыта ууратарга төрүөт буолбут.
Киһи үөйбэтэҕэ-ахтыбатаҕа тахсар буолар эбит. Сүрүнэ, үлэһит бэйэтин быраабын көмүскээбитин Үрдүкү Суут ылыммыт.