Кырдьаҕас-кыаммат дьону көрүү-истии ирдэбилгэ эппиэттэһиэх тустаах
СӨ Үлэ уонна социальнай көмүскэл министиэристибэтин үлэһиттэрэ саастаах дьону көрөр-харайар “Доверие”, “Рассвет” диэн чааһынай пансионнаттары баран көрөн-истэн бэрэбиэркэлээн кэллилэр. Сыала – аҕам саастаах дьон олорор дьиэтэ ирдэбилгэ эппиэттиир, усулуобуйата табыгастаах буоларын ситиһии.

Сырыы кэмигэр пансионаттар ас астыыр сирдэрин, тутуу санитарнай ирдэбилгэ төһө эппиэттииллэрин сыныйан көрдүлэр. Эмтэри харайар быраабылаларыгар уонна сурук-бичик докумуоннарын толорууга болҕойдулар. Пансионакка сытааччылара уонна үлэһиттэри кытта сирэй көрсөн кэпсэттилэр. Күннээҕи олохторун-дьаһахтарын уонна көрүү хаачыстыбатын туһунан санааларын лаппыйан ыйыталастылар.
Бэрэбиэркэ түмүгүнэн пансионаттарын салайааччыларыгар тус сыаллаах сүбэлэри биэрдилэр.

Кэтээн көрүү сүрүн сыала-соруга: 🔹 Тутуһуллуохтаах мрдэбил кэһиллэбитн эрдэттэн сэрэтии; 🔹 Олорооччулар бырааптарын уонна көҥүллэрин көмүскээһин; 🔹 Бэриллэр социальнай өҥө хаачыстыбатын уонна олорор усулуобуйаларыгар сыанабылы туруоруу.
Социальнай өҥөнү туһанааччылар бырааптарын тутуһууну кэтээн көрүү салҕанар.