“Кырдьаҕас куорат – 2” бырайыак олоххо киириэҕэ
Ол туһунан баһылык Дмитрий Садовников yakutia-daily.ru сайтка интервьютугар кэпсээтэ. “Кырдьаҕас куорат – 2” туһунан кэпсэтии барбыта ыраатта эрээри, үлэ тэтимнээхтик барыаҕын кэккэ харгыстары көрүстэ: эргэ дьиэлэри уларыппакка-тэлэриппэккэ чөлүгэр түһэриинэн дьарыктанар лицензиялаах тэрилтэлэр аҕыйахтар; сир учаастактарын бас билээччилэри кытта сыһыан түргэнник олохтонон испэт; инвестордары кыттыһыннарарга экономическай өттүнэн толкуйдары тобулуохха наада. “Кырдьаҕас куорат – 2” сиригэр-уотугар элбэх историческай суолталаах, култуурунай нэһилиэстибэ быһыытынан биллэриллибит дьиэлэр тураллар, олору чөлүгэр түһэриигэ кэккэ ирдэбиллэр бааллар.
Үлэни тэтимирдэр туһугар Олохтоох дьаһалта култуурунай нэһилиэстибэнэн билиниллибит дьиэлэри чөлүгэр түһэриигэ лицензияны муниципальнай тэрилтэ ыларын ситиһэ сатыахтаах. Оччотугар тастан кэлэр бэдэрэээтчиттэртэн тутулуга суох уонна историческай-архитектурнай концепцияттан туораабат үлэ барыахтаах. Саамай сүрүнэ - бу бырайыакка историческай эйгэ харыстаныахтаах: бырайыак олоххо киирэр сиригэр саҥа дьиэлэри тутуу былааннаммат.
Дмитрий Садовников Дьокуускай куорат 395 сылыгар “Кырдьаҕас куорат – 2” тутуута саҕаланыахтаах диэн бигэ эрэллээх.