Кыбартыыра уонна маҕаһыын уоруйахтарын туппуттар
Суһал көрдөөһүн түмүгэр Аллараа Халыматтан тардыылаах, урут халааһын ыстатыйатынан сууттана сылдьыбыт, 40 саастаах эр киһини туппуттар. Хаһаайын суох кэмин баттаһа, кини тааһынан быраҕан түннүгү алдьаппыт, кыбартыыраҕа киирбит. Остуолга сытар 20 тыһ. солк. кэриҥэ суумалаах суотабайы кытта, туумбаттан 18 тыһ. солк. сойбоппут. Уорбутуттан сороҕо эрэ хаалбыт. УК 158 ыст. 3 ч. холуобунай дьыала көбүтүллүбүт.
Итини таһынан Дьокуускай операвтивниктара ир суолу ирдэһэн, тор суолу тордоһон, маҕаһыын выручкатын уорууга уорбаланар 39 саастаах, Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх эр киһини туппуттар.
Сабаҕалаан көрүү быһыытынан, бу киһи түүн 4 ч саҕана биир суукканы эргиччи үлэлиир комиссионнай маҕаһыыҥҥа эрдэ туттарбыт төлөпүөнүн төттөрү атыылаһан ылаары кэлбит курдук. Иһирдьэ киирэн кэтэһэн турбут, ким да тахсыбатах. Ону туттумахтаһан, эр киһи түннүгүнэн иһирдьэ киирэн, каассаны арыйан, онно сыппыт 227 000 солк. уктан тахсыбыт. Үлэһит ол кэмҥэ служебнай хоско... утуйа сыппыт.
Уоруу туһунан иһитиннэрии киириэҕиттэн 6 чаас иһинэн уорбаланааччыны туппуттар. Ол кэмҥэ диэри кини харчытын туттан, баара эрэ 40 тыһ. солк. хаалларбыт.
Уораат да киһиҥ сауналыы ойбут, ас-үөл, арыгы атыыласпыт, аралдьыйарга туһаммыт, таксиламмыт, спортивнай ыстаапкаҕа холоммут. Быһата, бэлэм, босхо харчыны, бэйэтэ сатыырынан, ый-күн ыһыаҕа оҥостубут.
Түмүгэр киниэхэ “уоруу” диэн УК 158 ыст. 2 чааһыгар дьыала көбүтүллүбүт. Кинини биэс сылга диэри күлүүс хаайыыта күүтэр. Ити өссө – атын хобдох дьыалалааҕа быһаарыллыбатаҕына. Билигин быстах кэмнээх хаайыыга укпуттар. Биир түүҥҥү бэһиэлэйдэнии түмүгэ итинник буолбут.
Тоҥсуйан, суотабайын төттөрү атыылаһаат, си-дьүгээр дьиэлээбитэ ордук буолуо этэ.