Кыһыл көмүс тураах туһунан
"Мин бастакы турааҕы кэтэһэбин аҕай, сааһыран эбитэ дуу?" - диэнтэн саҕаланна Үөһээ Бүлүү Харбалааҕын төрүт олохтооҕо Дмитрий Иванович Кононовтыын кэпсэтиибит.
Бочуоттаах сынньалаҥар олорор кырдьаҕас учуутал көтөр-сүүрэр, кыыл-сүөл, о. д. а. туһунан элбэх хоһоон, кинигэ ааптара.
Ол курдук, Дмитрий Иванович быйыл саас кэтэһиилээх турааҕын көрөн, "Атаһым" хоһоонун суруйбут.
Эрдэ туран таҥынным,
Салгын сииргэ сананным,
Тэлгэһэбэр таҕыстым,
Көрсө түстүм "атаспын".Көрдүм эбээт, кэлбиккин,
Чэгиэн, чиргэл эбиккин,
Тэлиэс-былаас дайбаатыҥ,
Уруйдаатыҥ, "даахтаатыҥ".Эн да миигин биллэҕиҥ,
Тыыннаах эбит диэтэҕиҥ,
Мөлтөөн-ахсаан эрэрбин
Хаамарбыттан сэрэйдиҥ?Үҥсэргиибин, атаһым,
Ыалдьар буолла атаҕым,
Дьиэ таһыгар сылдьыахпыт
Быччыкылаан аһыахпыт.Уйаҥ дуомун сөргүтээр,
Отто эбии тэлгэтээр,
Оҕо-уруу тэнитээр,
Кынат куурда көтүтээр.Үөрдүм истэн саҥаҕар
Күөххэ тиийэр баҕабар,
Эрэл кыымын сахпыккар
Махтал, атас тураахпар!

- "Атаскар" бэрт да баҕайы хоһоон анаммыт. Дьэ эрэ, ол "атаһыҥ" кииринньэҥ оҕолонон соһутта дуу? Саас сааһынан кэпсээтэххэ, хайдаҕый-тугуй?
- Дьэ, ким билэр, доҕоор. Олох саараҥнаан хааллым ээ. Ол "атаһым" оҕото дуу, атын дуу буоларын (күлэр).
Харбалаахха дьиэм тумул ойуур саҕатыгар турар. Хаһан бу дьиэҕэ олоруохпуттан сылын аайы паара тураах кэлэн оҕотун көтүтээччи. Былырыын икки-хас уйа баар этэ. Ол "атастарым" оҕолорун барытын илдьэ кэллилэр дуу диэх курдук быйыл уонча тураах уйаланна ээ! Баҕар саас суруллан хаалбыт хоһооммор махтал буолан, дьиктини көрдөҕүм дуу диэн санаалар киирэн ылаллар.
Бэйи, "кыһыл көмүс балык" диэн өйдөбүлгэ аны хара тураахпыт кыһыл көмүс буолан тахсан соһутта!
- Тыый, бэйэҥ этэриҥ курдук айылҕа дьикти көстүүтүнэн маанылаатаҕа диэн ылыныахха сөп эбит.
- Оҕолорун ыһыах саҕана көтүппүттэрэ. Буоларын курдук оҕолорун аһатар түбүккэ дааҕырҕаһыы бөҕө. Оҥтон бу балтараа нэдиэлэ курдук буолла. Арай тураахтар оҕолорун быыстарыгар, ыраахтан көрдөххө, хоҥор өҥнөөх көстөр. Аттыгар олорор тураах киниэхэ эрэ ас биэрэргэ дылы. Ийэтэ диэх айылаах. Ол хоҥору таһынан өссө икки хара оҕолоох. Хаартыскаҕа түһэрэ охсор баҕа баһаама даҕаны, олох чугаһаппатахтара. Бастааҥҥыттан 50-60 миэтэрэнэн ырааҕынан көтөр этилэр.
Дьэ, доҕоор, сайын үтүө күннэригэр бэйэбэр бэйэм түбүк булунан турдум ээ! Хаартыскаҕа түһэрбит, видеоҕа устубут киһи диэн.

Сорук туруорунаммын ханан ааһалларын, ханна түһэллэрин, аһыылларын бириэмэтигэр тиийэ үөрэтэн-үөрэтэн, аһыыр сирдэрин буламмын манаан олорон уһуллум ээ. Ыраахтан хоҥор буолан көстөр тураах оҕото кыһыл көмүс солотуулаах. Устубут түһэриилэрбин билэрдии айар эйгэм дьонугар - хоһоонньуттарга онуннаатым. Дьээбэ дьон оччолооҕу мүлчү түһэриэхтэрэ дуо? "Атаһым" аҥаара ханна сылдьан көмүс оҕоломмутун туһунан бэрт сэргэх строкалар баар буола оҕустулар.
Дьикти көстүү бэтиэхэтигэр тохтоон ааһыахха
(ЭКСПРОМТ)
Хара тураах ойоҕо
Хал буолбут оҕонньортон,
Халты-мүлтү туттаран,
Харах-сирэй тупсаран,
Хаарыс былаат бааннаҕа,
Хайбалдьыйа хаамтаҕа.
Хараҥаны харбаһан
Хаҥас диэки халыйан,
Хайдах түгэн түбэстэр,
Ханна эмэ көрүстэр
Хаадьылаһар омукка
Хаарыан "чиэһин ууннаҕа".
Хааҕырҕаһар куух-хаахтар
Хап-хара үөр тураахтар
Ханыылара кугасчаан
Хантаҕаркаан тураахчаан-
Хаһан эмэ табыллан
Хам-түм көстөр таабырын.
- Биир дойдулааҕым Калисфена ааптардаах хоһуйуу хоһоонньуттар бөлөхтөрүн дьэ итинник сэргэхситтэ. Төрөөбүт дойду ахтылҕана ахтылынна.
- Дмитрий Иванович, мээнэҕэ элбэх хоһоон ааптара буолбатаҕыҥ буолуо. Ол эбэтэр, холобур, көтөр кынаттааҕы кытта алтыһыы, баҕар, оҕо саастан буолаарай?
- Аҕам балыктыыр буолан, батыһа сылдьар көтөрдөрдөөх буолара . Чуолкай мэкчиргэтин билбэппин эрээри, тыҥырахтаах көтөрдөөх уонна суордардаах буолара. Булдуттан бэрсэр үгэстээҕэ. Онтон буолуо эбитэ дуу. Мин тураахтарга балык астаммытын таһааран өрүү кутан биэрэбин. Икки суор кэлэн аһыыллар. Муҥхалаан кэллэхпинэ балык тутан баран далбаатаатахпына, ыраах да олордоллор, көрөр эбиттэр. Ууран баран тэйээппин кытта кэлэн ылан бараллар. Сороҕор суохтар эбит дии санааммын бүтэй остуолбатын үрдүгэр уурдахпына даҕаны ылбыттара эрэ баар буолар.
Онон итинник, таспар сылдьар көтөрдөрдүүн алтыһан ааһар идэлээхпин.

Өссө биир дьикти эмиэ баар эбит. Бу дьиэни туттуохпуттан сылгы чыычааҕа уйаланар. Биир чыычаах эбитэ дуу, атын-атыттар солбуйсаллара дуу. Икки сыллааҕыта оҕолоро
көппүттэригэр төбөлөрүгэр харалара суох этэ. Берет курдук харалаах буолаллар ээ. Хаартыскаҕа ону түһэрбитим. Быйыл аны кэлбэтэ. Уйа туттубата. Баҕар ол оҕолоруттан кэлиэхтэрэ дии саныыбын.
Дьэ итинник, тулабытын өйдөөн көрдөхпүтүнэ, дьикти элбэх!
- Дмитрий Иванович, айылҕа биир дьикти көстүүтүн үллэстибиккэр махтанабыт!