04.11.2026 | 09:24 | Просмотров: 87

Кыһыҥҥы суол туһунан

Эбэлэр хаһан туран, суол аһыллыай?
Кыһыҥҥы суол туһунан
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Оҥоһуу Өй
Бөлөххө киир

«Бүлүү» суолун управлениета» ФКУ кыһыҥҥы суол хаһан аһыллыан сөбүн быһа холуйан маннык былааннаабыт. Ол курдук, Бүлүү эбэни 4 туоннаҕа диэри уйуктаах тиэхиньикэлэр быйыл ахсынньы 4 күнүттэн маннык учаастактарга туоруохтарын сөп. Бүлүү суолун:
660-с км, Үөһээ Бүлүү с.;
807-с км, Күндээдэ с.;
956-с км, Устье с.;
1049-с км, Кириэстээх с.
 

Оттон Р-504 «Халыма» федеральнай суолга эбэлэри туоруур кыах маннык кыраапык быһыытынан былааннаммыт:
Өлүөнэ өрүс нөҥүө («Дьокуускай — Аллараа Бэстээх») – 2027 сыл тохсунньу 4 күнүттэн;
Алдан өрүс нөҥүө («Хандыга — Мэҥэ-Алдан») – 2026 сыл ахсынньы 4 күнүттэн.
Эбэни туоруурга көҥүллээх болдьох бары да билэргит курдук, күн-дьыл туругуттан, халлаан төһө тымныйарыттан, муус хаһан халыҥыырыттан быһаччы тутулуктаах.

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.