30.10.2026 | 17:00 | Просмотров: 133

Кыһыҥҥы суол хаһааҥҥыттан аһыллыай?

«Арктика суоллара» тэрилтэ Саха сиригэр 2026/2027 сс. кыһыҥҥы суол аһыллар быһа барыллаан болдьохторун бигэргэппит.
Кыһыҥҥы суол хаһааҥҥыттан аһыллыай?
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Оҥоһуу Өй
Бөлөххө киир

Суоллар эбэ мууһа төһө халыҥнаахтарытан тутулуктанан, сылдьыан сөптөөх тимир көлөлөр кыамталара сыыйа үрдээн иһэрин билэҕит.  Көлө уйуга, үгэс курдук, 10, 20 уонна 30 туонналаах диэннэргэ арахсар.

Ол курдук:

Ахсынньы 1 күнүттэн — 10 туоннаҕа диэри уйуктаах көлөлөр: «Верхоянье» суол Иван-Сирэ диэн сиртэн Баатаҕай Алыытыгар диэри участагар, Дьарҕаалаахха уонна Күстүүргэ тиэрдэр суолларга, Үөһээ Дьааҥыны туоруур суолларга, ону тэҥэ «Усть-Куйга — Депутатскай — Белая Гора» суол Депутатскай бөһүөлэктэн Уйанды сэлиэнньэҕэ диэри участагар аһыллара сабаҕаланар. 

Ахсынньы 4 күнүттэн — «Кресты» суол Усть-Куйга бөһүөлэгиттэн Казачье сэлиэнньэҕэ диэри учаастагар эмиэ 10 туоннаҕа диэри уйуктаахтар сылдьар кыахтаныахтара.  

Ахсынньы 10 күнүттэн — 20 туоннаҕа диэри уйуктаах массыыналар «Муома» суолга уонна Иван-Сирэ — Баатаҕай Алыыта участагар диэри сылдьыахтаран сөп буолуоҕа. 

Ахсынньы ый бүтүүтэ — 20 туонналаах массыыналарга «Арктика», «Яна», «Индигир», «Сэбээн», «Булуҥ» уонна «Алаһыай» суолларын үгүс участактарыгар көҥүллэниэ.

Ол иһигэр ахсынньы 25 күнүттэн — «Арктика» сорох участактарыгар, ахсынньы 30 күнүттэн — «Яна» уонна «Индигир» суолларыгар аһыллыа. 

Оттон 30 туоннаҕа диэри уйуктаах массыыналар кэлэр сыл тохсунньу — олунньу ыйдарыгар биирдэ көҥүллэниэхтэрэ.

Ол курдук, тохсунньу 12 күнүттэн – «Верхоянье», «Кресты» уонна «Муома» суолларыгар, тохсунньу 25 күнүттэн – «Яна» суога, тохсунньу 29 күнүттэн – «Арктика» уонна «Индигир» сорох участактарыгар айанныахха сөп буолуо диэн суоттууллар. 

«Арктика суоллара» тэрилтэ кыһыҥҥы суол арыллар болдьохторо эбэлэр муустарын халыҥыттан уонна синоптиктар күн-дьыл туругун сылыктааһыннарыттан тутулуктанан, эрдэлээн-хойутаан биэриэхтэрин сөбүн эрдэттэн сэрэтэр.

Онон мантан инньэ күн-дьыл туруга хайдах-туох буоларыттан элбэх тутулуктаах. Кэмин эрдэ айаннаан, буорайбат гына, официальнай көҥүл тахсарын кэтэһэргитигэр сүбэлииллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Дьукаах
Сонуннар | 10.11.2026 | 19:30
Дьукаах
Олоххо буолбут түбэлтэ.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп