08.10.2026 | 15:53 | Просмотров: 81

Кураанаҕы куустарбыта таах хаалбат ини

Саха сирин Үрдүкү суута аҕалыах буолан эрэннэрэн баран, төлөммүт табаарын да, төннөрүөхтээх төлөбүрүн да биэрбэтэх урбаанньыттан харчытын тустаах киһитигэр төлөтөр туһунан уурааҕы бигэргэппит.
Кураанаҕы куустарбыта таах хаалбат ини
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ити иннинэ урбаанньыт төһө да буруйдааҕын --- атыылаһааччы иннигэр эбэһээтилистибэтин толорботоҕун иһин, суут бастакы инстанциятын быһаарыытын ылыммакка, гражданскай иск түһэрбит.

Дьыала ис хоһоонун быһаардахха маннык.

Былырыын сэтинньигэ Дьокуускай олохтооҕо тас таҥаһы атыылыыр куорат маҕаһыыныгар 41 тыһ. солк. сыаналаах пуховигы сакаастаабыт. Ый буолан баран, чахчыта да, сакааһа кэлбит. Ол гынан баран, размера сөп түбэспэтэх. Онон ылбатах.

Маҕаһыын хаһаайката дьахтарга 40 тыһ. солк. эбии төлөөтөҕүнэ дубленка аҕалтарыах буолан, тылыгар киллэрэн, эбии  40 тыһ. солк. төлөппүт.  Ордугун табаар кэллэҕинэ төлөһүөх буолбут. Атыыһыт бэйэтин өттүттэн ол дубленканы 2026 сыл тохсунньу 25 күнүн аһарбакка тиксэриэх буолбут. Ити эрээри бэйэтин эбэһээтилистибэтин толорботох!

Инньэ гынан, дьахтар хайа мэлдьи кэтэһэн олоруой, "харчыбын төннөрүҥ" диэн суругунан сайабылыанньа суруйбут. Ону атыылааччы суолтаҕа уурбатах. Ол кэнниттэн кулун тутар 18 күнүгэр эрэннэрбит дубленкатын аҕалбыт. Ол эрээри эмиэ... атын размердаах эбит. Итиннэ дьүөрэлиир табаар атыылааччыга суох эбит. Дьахтар 2025 сыл кулун тутар 19 күнүгэр иккистээн биэрбит харчытын төннөрөллөрүн туруорсар сайабылыанньа суруйбут.

Ону баара тас таҥас маҕаһыына төннөрөргө тиэтэйбэтэх. Онон сатамматах атыылаһааччы суукка сайабылыанньа түһэрбит. Суут төлөтөргө уураахтаабыт. Аны, атыыһыппыт ону кытта сөпсөспөт эбит. Үрдүкү суут бастакы инстанция уурааҕын бигэргиппит, онон хайдаҕын да иһин, төлөһөр буоллаҕа. Эрэйдээх сакаас диэтэҕиҥ.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.