17.03.2026 | 11:00 | Просмотров: 141

Куорат уулуссаларыгар – хаары ыраастыыр саҥа тиэхиньикэ

Үлэни кыайа-хото тутар, ыытарга судургу.
Куорат уулуссаларыгар – хаары ыраастыыр саҥа тиэхиньикэ
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: yakutskcity.ru
Бөлөххө киир

«Якутдорстрой» тэрилтэ ДЭМ-133 мааркалаах хаары ыраастыыр икки саҥа тиэхиньикэтэ хайыы үйэ көдьүүстээҕэ билиннэ. Бэлиэтээн эттэххэ, куорат хаһаайыстыбатыгар көмө буолар тиэхиньикэ Белоруссияҕа оҥоһуллубут, «Дорэлектромаш» тэрилтэттэн лизинг дуогабарынан ылыллыбыт. Бу туһунан Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

«Погрузчигы кытта күүстэрин холбоон, суолтан уонна аһаҕас сиртэн хаары ыраастааһын үлэтин быһа холоон 30 төгүл түргэтэттилэр», – диэтэ куорат баһылыга Евгений Григорьев. Ол курдук, саҥа тиэхиньикэ суол үлэһиттэрэ айан суолун быдан хаачыстыбалаахтык уонна түргэнник ыраастыылларыгар көмөлөһүөҕэ. Баһылык этэринэн, үлэни үчүгэйдик тэрийдэххэ, «КамАЗ» кузовын көрүөх бэтэрээ өттүгэр, быһа холоон биир мүнүүтэ иһигэр толоруохха сөп.

Оператордар саҥа тиэхиньикэни бэркэ сэргээтилэр, салайарга бэрт судургу диэн хайҕаатылар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.