Куорат Устаабын саҥардыы туһунан
Куорат аҕа баһылыга Дмитрий Садовников Дьокуускай куорат мунньаҕын дьокутааттарын кытта куорат Устаабын саҥа барыйаанын салгыы дьүүллэһэллэрин үллэстэр. Өрөспүүбүлүкэ килбэйэр киин куората бу чугас эргин кэмҥэ сайдыытыгар тирэх, олус суолталаах докумуон буоларын бэлиэтиир:
— Лоп курдук биир сыл анараа өттүгэр, алтынньы 8 күнүгэр Дьокуускай куорат Дууматыгар куорат Устаабын уларытан, саҥардан оҥорорго анал оробуочай бөлөх тэриллибитэ. Ол кэмтэн саҕалаан, бары фракциялар дьокутааттара, юристар, эспиэрдэр сүбэлэрин холбоон, Устаабы 33 нүөмэрдээх саҥа Федеральнай сокуоҥҥа сөп түбэһэр гына уларытарга үлэлэстилэр. Мин көрүүбэр, бу курдук куорат дьаһалтата уонна Дуума биир хамаанда буолан манна үлэлэһэрэ сүҥкэн суолталаах. Биһиги бэлиэр Юстиция министиэристибэтиттэн рекомендация ыллыбыт.

Прокуратураҕа уонна Хонтуруоллуур, ааҕар- суоттуур палаатаҕа сөпсөһүннэриини аастыбыт.

Ити түгэн докумуон барыла юридическай өттүнэн эҥкилэ суох буоларын мэктиэлиир. Биһиги салайыы тиһигин уларытабыт: куорат баһылыгын быыбара тохтоон, дьокутааттар талар буоллулар.
Ол эрээри итинник уларыйыы киирбитэ нэһилиэнньэттэн, дьонтон- сэргэттэн тэйии буолбатах. Куорат Устаабын олохтоохтук ылыныах иннинэ булгуччу публичнай истии буолуоҕа. Куорат олохтоохторо, тэрилтэлэрэ уонна эспиэрдэр тус этиилэрин, санааларын биллэриэхтэрэ. Дьаһалта уонна дьокутааттар бииргэ үлэлэһиилэрэ — Дьокуускайбыт бигэтик уонна эрэллээхтик сайдарын мэктиэтэ.