Куорат үөрэхтээһинин тиһигин 100 сылыгар аналлаах быыстапка аһылынна
Бэлиэтээн эттэххэ, бу Дьокуускай куорат үөрэхтээһинин сайдыытын түмэлин кытта холбоһуктаах бырайыак.
Экспозиция үөрэҕи, билиини бастакы тарҕатааччылары, Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар оскуола олоҕун, анал кылаастары арыйыы уонна үөрэхтээһин тэрилтэлэрин ситимин сайдыытын билиһиннэрэр. Манна киин куорат үөрэхтээһинин төрүттээбит, бу эйгэҕэ сүдү кылааттарын киллэрбит дьоҥҥо, куорат оскуолаларын уонна пионер хамсааһынын устуоруйаларыгар ураты болҕомто ууруллубут.
Быыстапкаҕа устуоруйа докумуоннара, урукку-хойукку хаартыскалар, биллиилээх учууталлар тус маллара, сэбиэскэй кэминээҕи экспонаттар дьоһун миэстэни ылаллар. Онон көрө кэлбит дьон ааспыт кэмнэрин ахтан-санаан ааһыахтара, кыл түгэнигэр эдэр саастарыгар төннөн ылыахтара.
Экспозицияны сэтинньи 22 күнүгэр диэри Дьокуускай куорат түмэлигэр көрүөххэ сөп.




