30.10.2026 | 10:31 | Просмотров: 82

Куорат оптуобустарын 6-с уонна 35-с маршрутун схемата быстах кэмҥэ уларыйар

Маннык быһаарыыны «Куораттааҕы суол-тырааныспар сулууспата» МКУ, «РИК Автодор» АУо, «Главстрой» МКУ уонна Суолга куттал суох буолуутун судаарыстыбаннай инспекциятын (Госавтоинспекция) бэрэстэбиитэллэрэ кыттыылаах хамыыһыйа ылынна.
Куорат оптуобустарын  6-с уонна 35-с маршрутун схемата быстах кэмҥэ уларыйар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Суол үлэтэ ыытылла турарынан уонна Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уулуссаҕа суол бүрүөһүнүн туруга куһаҕанын быһыытынан, 2026 сыл алтынньы 31 күнүттэн 6 №-дээх уонна 35 №-дээх автобус маршруттарын сырыыларын схемата уларыйар.

Билиҥҥи усулуобуйаҕа паром тохтуур кытылыгар диэки айанныыр оптуобустар «Магазин Блюз», «ГРЭС» уонна «2 №-дээх Спортивнай оскуола» тохтобулларга тохтууллара сэрэхтээх диэн буолла. Бу учаастакка светофордар уонна сатыы дьон туоруур сирдэрэ суохтар.

Пассажирдарга куттал суох буоларын  хааччыйар сыалтан, 6 №-дээх уонна 35 №-дээх маршруттар ити тохтобуллары тумнан, атын суолунан айанныахтара.

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.