Куорат оптуобустара кыһыҥҥы графикка көһөллөр

Суол инфраструктуратын уонна тырааныспар департаменын начаалынньыга Эдуард Садовников нэһилиэнньэ ыйытыыларыгар хоруйдаата.
1 №-дээх оптуобус туһунан
– Бу маршруту «ЯПАК» тэрилтэттэн «СоюзАвто» тэрилтэҕэ биэриэхтэриттэн линияҕа кыра кылаастаах оптуобустар тахсаллар. Улахан кылаастаах оптуобустары таһаарар былаан баар дуо?
– Билигин күн аайы линияҕа 8 оптуобус тахсар: “ВолгаБас” уонна “Вектор Некст” мааркалаах улахан кылаастаах оптуобустар, ону сэргэ ПАЗ-тар бааллар.
Билигин кыһыҥҥы графикка көһүү бара турар, онон оптуобус ахсаана 10-ҥа диэри элбэтиллиэхтээх, сылдьар арыттара кыччаан биэриэхтээх.
Маны таһынан “час пик” кэмигэр оптуобустар сырыыларын хаттаан көрүөхпүт. Нэһилиэнньэ оптуобустар наһаа толору буолалларын үҥсэллэр. Онно олоҕуран, расписаниеларын хос оҥоро сылдьабыт.

“Звезднай” түөлбэҕэ балаһыанньа хайдаҕый?
– 14 №-дээх оптуобус сылдьар, маршруту уһатан биэрбиппит. Олохтоохтор баҕаларынан куорат киинигэр тиийэр. Онон бу эргин быһыы-майгы тубуста. Салгыы кэтээн көрүөхпүт.
Оптуобус пааркатын саҥардыы салҕанар
– Эрдэ эппиппит курдук, быйыл 30 саҥа оптуобуһу ылбыппыт, сыл бүтүүтэ кэлиэхтээхтэр. Эһиилги сылга 50 кэриҥэ оптуобуһу ылар былааннаахпыт.
Оптуобус пааркатын саҥардыы түһүмэхтэринэн ыытыллар, улахан кылаастаах оптуобустарга көһүү салҕанар. Онон, мин санаабар, сотору кэминэн быһыы-майгы уларыйыаҕа.