Куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын түмсүүлээх түһүлгэҕэ күүтэллэр
Бу күн эһигини күүтэр: алгыс, ырыа-тойук, хомус, оһуохай, «Кут-Сүр» кыһа сэһэнньитэ, ХИФУ профессора, философскай наука доктора Андрей Саввич Саввинов сэһэнин тула түмсүү, сахалыы тыыны уһугуннарыы, Айыы санааны иҥэринии.
Киириитэ босхо.
Тэрийээччилэр: «Саха эйгэтэ», «Кэрэ олох» уопсастыбаннай түмсүүлэр.
“Айыы алгыһынан аартыкпытын арынаммыт, илии илиииттэн ыга ылсаммыт, күн тула оһуохайдаан түмсүүлээх эйгэҕэ киирэммит, сэһэҥҥэ Хотой Айыы биһиги олохпутугар суолтатын туһунан элбэҕи билэммит, тэрээһиннээх олоҕу тутуһан сайдыы диэки салаллыахпыт, түмсүүлээх олоҕу төрүттээн сомоҕо күүс буолуохпут, или-эйэни олохтоон араас омуктуун биир сырдык эйгэни кэҥэтиэхпит, Сахабыт сирин уруйун- айхалын үрдэтиэхпит”, – диэн ыҥырар тэрийэр бөлөх.
Буолар сирэ: Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ, Гостинай саала, 2 этээс, уҥа хайысха. Аадырыһа: Дьокуускай куорат, Поярков уул., 4.