Куорат олохтоохторун кустар дьылҕалара долгутар
Дьокуускай олохтоохторо Щорс күөлүгэр сайылаабыт, төрөөбүт-ууһаабыт кустар тустарыгар долгуйаллар. Ол туһунан “Эхо столицы” таһаарыыга Татьяна диэн куорат олохтооҕо иһитиннэриилээх тахсыбыт. Кини кэпсээбитинэн, кустар кынаттара сарбыллыбыт – көтөр кыахтара суох. Кини этэринэн, бу мончуук кустар, булчуттар туһанан баран күөлгэ ыыппыт буолуохтарын сөп...
“Кинилэри кытта көтөр кустар сайылаабыттара, олор даҕаны кыстыы атын дойдуга көппөтүлэр, бу бодоруспут кустарын хаалларан барбаттар эбит. Былырыын хас да көтөр мууска хам тоҥмута. Быйыл эмиэ ол хартыына хатыланан эрэр”, - диир куорат олохтооҕо.
Киин уокурук управата кустар чахчы көтөн барар кыахтара суоҕун бигэргэтэр. Управа орнитолог исписэлииһи кытта сүбэлэспит, кини эмиэ бу мончуук кустар буолалларын сабаҕалаабыт.
Киин уокурук управата аһаныгас санаалаах дьону уонна волонтердары көмөлөһөргө ыҥырар: кустары тутан ылан “Орто дойду” зоопаркаҕа тиксэриэххэ сөп, эбэтэр ким эмэ иитэ ылыан сөп. Кустары билигин күөл мууһа ытарчалыы тоҥо илигинэ быыһыахха наада.
Киин уокурук управата Ярославскай уул., 17-гэр баар, билсэр төл.: 300-818.