Куорат мунньаҕын дьокутааттарын сиэссийэтэ ылыммыт былаанын толордо
Уларытыыны киллэрии эрдэ былааннаммыт ороскуоту чуолкайдааһыны, үп дэписсиитин улаатыытын, муниципальнай бииргэ үлэлэһии уонна мэктиэ (гарантия) бырагыраамаларын көннөрүүнү кытта сибээстээх буолла.
Ол курдук, Д.И. Ягодкин аатынан 19-с №-дээх оскуолаҕа уонна Марха 1-кы №-дээх оскуолатыгар атыылаһыллар дьиэлэр иэстэрин сорох чааһын төлүүр, экэниэмийэлээһин түмүгэр ордубут үбү куорат суолларын тутууга уонна өрөмүөннүүргэ баар иэс кэккэ чааһын сабарга туһанары сөптөөҕүнэн ааҕан, ылыннылар. Ону таһынан, олохтоохторго көрүллэр социальнай өйөбүлү оҥорууга сорох ороскуоттар уларыйдылар.
Уларытыылары киллэрии түмүгэр, Дьокуускай куорат уокуругун 2026 сыллааҕы бүддьүөтүн дохуота – 32,34 млрд солкуобай, ороскуота — 33,67 млрд солкуобай буолбут. Ол эбэтэр, бүддьүөт дэписсиитэ — 1,32 млрд солкуобай буолар буолла. Бүддьүөт 2027–2028 сыллардааҕы параметрдара уруккунан хаалар.
Ону таһынан хаһаайына суох уу ситимин (водоотведение) «Водоканал» АУо-ҕа биэрэри дьокутааттар өйөөтүлэр. Билигин ити ситимнэри көрүүгэ-истиигэ куорат бүддьүөтүттэн сыллата 60 мөл. солкуобайтан тахса үп туттуллар. Уу ситимин анал тэрилтэҕэ биэрии – муниципалитет ороскуотун кыччатыа уонна ситимҥэ саахал, тэстии тахсар кутталын намтатыа диэн суоттаналлар.
Ону тэҥэ куорат дьокутааттара Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханыгар 2027 сылга Дьокуускай куоракка хомунаалынай өҥөлөр иһин төлөбүр үрдээһинин муҥутуур үрдүк индексациятын бигэргэтэр туһунан этиини ыытары өйөөтүлэр. Бу боппуруос эһиил бөҕү суортарынан араарар бөх ыстаансыйата үлэҕэ киирэринэн сибээстээн, ыстаансыйаны тутуу ороскуотун бөҕү таһар эрэгийиэн эпэрээтэрин тарыыбыгар учуоттуур наадатыгар сыһыаннаах.
Норуот итэҕэллээхтэрэ муниципальнай нуорма-быраап аакталарын олохтоох сокуоҥҥа сөп түбэһиннэрэр сыаллаах куорат прокурорун икки бырачыаһын ылыннылар.
Быһаарсыы түмүгэр административнай быраабы кэһии уонна олохтоох бэйэни салайаныы уорганнарын боломуочуйатын туһунан өрөспүүбүлүкэ сокуонугар уларытыылары киллэрэр көҕүлээһиннэрин төттөрү ыларга быһаардылар. Онуоха итиннэ сыһыаннаан, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр сөптөөх сокуон бэлиэр ылыллыбыта төрүөт буолла.