15.10.2026 | 17:30 | Просмотров: 108

Куорат күөллэригэр субуотунньукка ыҥыраллар

Хотуурдаах эбэтэр триммердээх буоллаххытына, аахсыйаҕа кыттыһыҥ. Меценаттар тиэхиньикэнэн уонна уматыгынан көмөлөһүөхтэрин сөп.
Куорат күөллэригэр субуотунньукка ыҥыраллар
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата
Бөлөххө киир

Сарсыҥҥыттан үс күн устата куорат уокуруктарыгар куруҥах оту уонна хомуһу охсор киэҥ далааһыннаах субуотунньук ыытыллыаҕа. Бу иннинэ куорат баһылыга Дмитрий Садовников Дьокуускайга баһаартан сэрэхтээх буолуу дьаһалларын күүһүрдэр соругу туруорбутун суруйан турабыт.

Билигин үлэ үксэ илиинэн уонна мотохотуурунан оҥоһуллар. От охсор тэрил күн аайы 20 лиитирэ уматыгы сиэн сөп. Оттон маннык ороскуот уокуруктар бүддьүөттэригэр көрүллүбэт. Онон, Олохтоох дьаһалта меценаттары тиэхиньикэнэн эбэтэр уматыгынан көмөлөһөллөрүгэр ыҥыраллар.

Субуотунньукка ким баҕалаах кыттар. Дьиэҕититтэн чугас турар күөлгэ хотуурдаах эбэтэр триммердээх тахсыаххытын сөп.  

Субуотунньуктар буолар сирдэрэ: Сайсары, Белай күөллэргэ, Чочур Мыраан таһыгар, ДСК, Птицефабрика уонна Сэргэлээх күөллэригэр, ону сэргэ Столичнай ырыынак уонна Кыайыы пааркатын икки ардыларынааҕы күөл.

Сорох сирдэргэ үлэ хайыы үйэ ыытыллан ырааппыт, ол эрээри, этэргэ дылы, норуот күүһэ – көмүөл күүһэ!

 

 

 

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Дьукаах
Сонуннар | 10.11.2026 | 19:30
Дьукаах
Олоххо буолбут түбэлтэ.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп