20.10.2026 | 12:57 | Просмотров: 139

Куорат баһылыгын үбүлүөйдээх сааһынан эҕэрдэлиэх иннинэ

Бүгүн, алтынньы 20 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ килбэйэр киинэ – Дьокуускай куорат уокуругун аҕа баһылыга Дмитрий Садовников үбүлүөйдээх 55 сааһын томтойо туолар бэлиэ күнэ.
Куорат баһылыгын үбүлүөйдээх сааһынан эҕэрдэлиэх иннинэ
Ааптар: Татьяна Захарова-ЛОҺУУРА
Хаартыска: Эхо Столицы таһаарыыттан
Бөлөххө киир

Ол эбэтэр, Дмитрий Дмитриевич 1971 сыл күһүнүгэр, Саха АССР Орто Халыма улууһун Налимскай бөһүөлэгэр төрөөбүтэ. Кинини дьон-сэргэ хаһаайыстыбанньык уонна эппит тылын толорон тэйэр салайааччы быһыытынан билинэр. Куорат баһылыга курдук олус эппиэттээх, үгүс -үтүмэн түбүктээх солону бу дьыл от ыйын 21 күнүттэн сүктэ.

Кини туһунан тугу билэбитий?

Кэргэннээх, икки уол, биир кыыс оҕолоох. Идэтинэн ­– историк. М.К. Аммосов аатынан Саха судаарыстыбаннай университетын – 2002 сыллаахха, РАНХиГС “Судаарыстыбаннай уонна муниципальнай салайыы” хайысхатын – 2015 сыллаахха үөрэнэн бүтэрбитэ...

Оскуола кэнниттэн, оччотооҕу олох сиэринэн, сопхуоска хаалан, оробуочайдаабыта.  1989-1992 сылларга Сэбиэскэй Аармыйаҕа сулууспалаабыта, хоту сиргэ хачыгаар ыарахан үлэтин эмиэ этинэн-хаанынан толору билбитэ.

Дьокуускайга кэлэн, “Ыччат үлэҕэ биржатын” салайа сылдьыбыта, куорат дьаһалтатын структуратыгар үлэлээбитэ. Куорат биир улахан уокуругар – Сайсарыга – алта сыл  “буспута-хаппыта”. Ол кэнниттэн кыһамньылаах, таһаарыылаах үлэтин бэлиэтии көрөн, кинини 2012 сыллаахха куорат баһылыгын солбуйааччытынан анаан, алта сыл үлэлээбитэ.

2018 сылтан СӨ Дьиэ-уот  хомунаалынай хаһаайыстыбатыгар уонна энергетикатыгар  үс сыл миниистирдиир. 2021 сылга өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччынан ананан, биэс сыл сыралаһар.

Дьэ, онтон Дьокуускай куорат уокуругун дьокутааттарын  баһыйар куолаһын ылан, мээринэн талыллар.  

Ый-сулус хаамыытынан сирдэттэххэ...

Илиҥҥи гороскоп этэринэн, 1971 олунньу 27 күнүттэн 1972 сыл олунньу 14 күнүгэр диэри кэм иһигэр күн сирин көрбүт дьон  Маҥан тимир кабаан бэлиэлээхтэр. Кинилэр тимир кэмигэр төрөөбүт буолан, чиҥ кытаанах, булгуруйбат ис сүрүннээхтэр, ол эрээри олус амарах, аһыныгас майгылаахтар.

Бу маннык хаачыстыбалары кабаан бэлиэлээхтэргэ сыһыаннаан бэлиэтээбиттэр: көнө, чиэһинэй, үлэһит уонна эппиэтинэстээх дьон. Олус тулуурдаахтар. Или-эйэни сөбүлүллэр, айдааны-иирсээни тумна сатыыр айылгылаахтар. Судургу уонна үтүө санаалаах буоланнар, ардыгар дьоҥҥо албыннатыахтарын сөп. Саҥа билсэр дьоннорун бэйэлэригэр чугаһата охсоллоро уустук. Ити гынан баран, доҕорум диэбит дьонноругар бигэ эрэллээх уонна бэриниилээх доҕор буолаллар.

Доҕотторо ыарахан турукка түбэстэхтэринэ, тугу да умнан туран, көмөҕө сүүрүөхтэрин сөп. Чопчу сыал-сорук туруорунан үлэлиири ордороллор. Туох  баар күүстэрин ууран туран,  үлэни тиһэҕэр тиэрдэллэрин сөбүлүүллэр.

Дьэ, оттон төрөөбүт ыйынан, мээрбит Ыйааһын бэлиэлээх. Бу – салгын эйгэлээх бэлиэ. Кинилэри Чолбон планета салайар.

Бу күн төрөөбүт дьон дьону бэйэлэригэр тардар ураты күүстээхтэр, сытыы өйдөөхтөр уонна туох хайа иннинэ кырдьыгы сыаналыыллар. Бу орто туруу бараан дойдуга өйдөһүүнү, эйэни көрдүүллэр, айдааны-куйдааны, иирсээни ончу сөбүлээбэттэр (төрөөбүт сылыгар эмиэ маннык сыанабыл баар этэ). Дьэ, ол гынан баран, наада түгэнигэр, кытааталлар, тус көрүүлэрин күүскэ туруулаһан турар кыахтаахтар.

Ыйааһын күүстээх өрүтэ – эйэлээх дьүүллэһии (дипломатичность), ис таайан көрөр дьоҕурдара сайдыбыт. Араас таһымнаах, майгылаах-сигилилээх дьону кытта уопсай тылы табан булаллар, анаарар, ырытар (аналитика) сатабыл кинилэргэ балай эмэ сайдыбыт. Мөлтөх өрүттэринэн ааттаабыттар: иккиттэн биири талалларыгар уһуннук мунаахсыйыахтарын, улахан толкуйга түһүөхтэрин сөп. Ыксаллаах түгэҥҥэ түргэн быһаарыныыны ылаллара ардыгар уустук буолар. Бэйэ иһигэр олус долгуйуу баар буолуон сөп. Ону кинилэр таска ончу биллэрбэттэр, ол эрээри бэйэлэрэ онтуларыттан улаханнык уйуһуйуохтарын сөп.

Биллиилээх Ыйааһыннар

Сулусчут оруолун толорбучча, кини курдук ыйааһын бэлиэлээх биллэр-көстөр  дьону холобурдаабат буолуу ситэтэ суох буолсу.

Бэлиитиктэртэн уонна судаарыстыбанай деятеллэртэн дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин (алтынньы 7 күнүгэр төрөөбүт), Арассыыйа императора Павел Первэй (алтынньы 1 күнэ), Великобритания урукку премьер-миниистирэ Тереза Мэй, Чечня өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Рамзан Кадыров (алтынньы 5 күнэ) бааллар.

Суруйааччылар, бэйиэттэр – Сергей Есенин, Михаил Лермонтов, Сергей Аксаков.

Мусукааннар – Джон Леннон, Лучано Паваротти, Джузеппе Верди, Кэти Перри уонна Николай Басков.

Артыыстар уонна ускуустуба деятеллэрэ ­ – Олег Ефремов, Армен Джигарханян, Леонид Куравлев уонна Михаил Галустян.

Дмитрий Садовников онон судаарыстыбаннай уонна муниципальнай деятель буоларын сэргэ, ускуустуба, ырыа, айар үлэ чааһыгар даҕаны тыыппалаах буолуон сөп курдук. Мээрийэҕэ үлэлии сылдьан, Саҥа дьыллааҕы бэртээхэй биидьийэни бэлэмнээбиттэрин, онно олус бэркэ оонньообутун өйдөөн хаалбыт дьон бааргыт эрэбил.

Дмитрий Дмитриевиһы үбүлүөйдээх бэлиэ сааһынан, куорат олохтоохторун, “Киин куорат” таһаарыы ааҕааччыларын аатыттан эҕэрдэлиибит! Туох баар сырдыгы, кэрэни, үйэлээҕи! Тапталлаах куораппыт төрүттэммитэ 400 сылын көрсө Дьокуускайбыт сайда-үүнэ турарыгар төһүү кылаатын киллэриэ, үгүһү ситиһиэ диэн эрэнэбит.

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.