13.10.2026 | 13:30 | Просмотров: 74

Куорат аҕа баһылыга Дмитрий Садовников «Илии сылааһа» иистэнэр сыах үлэтин билистэ

Нэһилиэнньэттэн киирэр көмө харчы тиийбэт, онон кэлэктиип спонсордар өйөбүллэригэр эрэнэр.
Куорат аҕа баһылыга Дмитрий Садовников «Илии сылааһа» иистэнэр сыах үлэтин билистэ
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспатын видеотыттан скрин
Бөлөххө киир

Ирина Саввина салайааччылаах үтүө санаанан салайтарар кэлэктиип 2022 сыл алтынньы 1 күнүттэн байыаннай сулууспалаахтары наадалаах малларынан хааччыйар – сайыҥҥы уонна кыһыҥҥы камуфляж көстүүмнэринэн, футболкаларынан, плащ-палаткаларынан, үрүсээктэринэн, шевроннарынан.

Сыаҕы сүнньүнэн биэнсийэлээхтэр тутан олороллор, оттон сорохтор дьиэлэригэр олорон иистэнэллэр. Матырыйаал сыаната үрдээн, баҕа өттүнэн үлэлиир дьоҥҥо уустук кэм буолла. Куорат олохтоохторуттан киирэр көмө харчы тиийбэт, онон кэлэктиип спонсордар өйөбүллэригэр эрэнэр. Иистэнэр сыах урбаанньыттары уонна куорат бөдөҥ тэрилтэлэрин кытта бииргэ үлэлииргэ бэлэм.

Маны таһынан куорат баһылыгын кытта көрсүһүүгэ уопсастыбанньыктар «Кольцевая» оптуобус тохтобула сөргүтүллэригэр көрдөстүлэр. Дмитрий Дмитриевич бу боппуруоһу кылгас кэм иһигэр быһаарарга эрэннэрдэ.

Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата «Илии сылааһа» кэлэктиипкэ сыралаах үлэлэрин иһин истиҥ махталын биллэрэр уонна урбаанньыттары үтүө дьыала хамсааһынын өйүүргэ ыҥырар.

Бииргэ үлэлэһии уонна көмө оҥоруу туһунан Дьокуускай куорат «Технопааркатыгар» баар «Илии сылааһа» иистэнэр сыахха тиийэн билсиэххитин сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Дьукаах
Сонуннар | 10.11.2026 | 19:30
Дьукаах
Олоххо буолбут түбэлтэ.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп