Куорат аҕа баһылыга быһа эпииргэ нэһилиэнньэ ыйытыыларыгар хоруйдаата
Бүгүҥҥү биэриигэ баһылык “Чөҥөчөктөрө суох куорат” аахсыйаны уонна куорат күөллэригэр хомуһу утары охсуһууну үлэтин бастакы ыйдарын сүрүн ситиһиилэринэн ааттаата. Кини этэринэн, бу икки аахсыйа үчүгэй тэрээһиннээх үлэҕэ нэһилиэнньэ уонна тэрилтэлэр сомоҕолоһуохтарын сөбүн көрдөрдө.
«Мин маннык түмүгү күүппэтэҕим даҕаны, бу олус үчүгэй», – диэтэ.
Дьокуускай куорат баһылыга бу аахсыйалар олохтоохтор үҥсүүлэриттэн сылтаан тэриллибиттэрин, ол эрээри мээр үлэтэ маннык көҕүлээһиннэринэн эрэ муҥурдамматын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Дмитрий Садовников үһүс суолталаах ситиһиинэн Сайсары уокуругун сирин-уотун кэлимник сайыннарыы туһунан дуогабарга илии баттаммытын ааттаата:
«Чуолаан, Новокарьернай уулуссаҕа турар дьиэ олохтоохторо эһиилги сылга диэри саҥа дьиэни ылыахтара. Биһиги ол туһугар олус долгуйабыт уонна тутуу хампаанньатын өйүөхпүт», – диэтэ Садовников.