Куораппытыгар ардыаҕа уонна сылыйыаҕа
Бэнидиэнньиккэ уонна оптуорунньукка – онон-манан былыттаах буолуоҕа, түүн -16°C тиийиэҕэ, күнүс 0°C кыраадыс, мөлтөх тыаллаах – сөкүүндэҕэ 1 миэтирэҕэ тиийэ. Сэрэдэҕэ, муус устар 15 күнүгэр, түүнүн температура -17°C, күнүс +2°C сылыйыаҕа, кыра былыттаах буолуоҕа уонна кыралаан ардыаҕа.
Чэппиэргэ, муус устар 16 күнүгэр, түүн -10°C, күнүс +4°C, былыттаах, кыралаан ардыаҕа. Бээтинсэҕэ, муус устар 17 күнүгэр, түүҥҥү температура -5°C, күнүс +5°C тиийиэҕэ, халлаан былыттаах уонна ардах түһэрэ сабаҕаланар.
Субуотаҕа, муус устар 18 күнүгэр, былыттаах, ол эрээри сөҥүү түһэрэ күүтүллүбэт, түүн -10°C, күнүс +4°C буолуоҕа.