Колгуокка
Били иннинэн биир, кэннинэн икки сурааһыннааҕы. Алҕас дьууппа өрө тардыллан хааллаҕына икки сурааһын салыбыраан түһэ сылдьаллара көстөн кэлэрэ. Чэ, эһиэхэ да баара эбитэ буолуо, Сойуус барыта ол колгуокканы кэтэн улааппыта.
Сайын үчүгэйэ сүрдээх. Сайын колгуокка наадата суох. Ол эрэн, өлүү түбэлэтэлээх диэбиккэ дылы, Уйбануоп Саасканы күһүн таптаабытым. Таптал наар киһи күүппэтэх өттүттэн кэлэр эбээт...
Сааска куудара баттахтаах, уоһун үрдүнэн мэҥнээх этэ. Дьүһүнэ да бааһынай курдук көрөрүм. “Р” буукубаны сатаан саҥарбат буолан күлүүлээх баҕайы буолара. “Акаайы быһыылаах” диэтэҕинэ кытта ымманыйа-ымманыйа таптыырым.
Аны талан ылбыт аналым аҥаар хараҕа кыратык туора барар, кылардыыр эбит. Дьыссаакка ону баспытааталбыт “кини кылар буолбатах, көннөрү кимиэхэ да суох ураты харахтаах” диэччи буолла. Оо, мин ол аайы таптаан өлө сытабын, өлөн баран Сааска туһугар хаттаан тиллиэх курдукпун...
Аны бары ыскааптардаах буолааччыбыт дии. Сааска ыскаабыгар тыраахтар ойуулаах. Тыраахтар – диэн эр киһи көлөтө, эр киһи модун күүһүн символа буоллаҕа дии, хайа! Кыргыттар ону бары билэллэр. Ол иһин, дьэ, мин кинини таптыырга, онтон кэргэн да тахсарга быһаарыммытым.
Уйбануоп дьыссаакка кэлбэтэҕинэ били колгуоккам тобукпар да диэри сулбуруйан түстүн – отой кыһаммаппын. Оттон кини баар буоллаҕына наар колгуоккабын тардынартан соло булбаппын. Сааска иннигэр кэрэ кыыс буолан көстүөхтээхпин, оттон кэрэ куолар колгуоккалара салыбырыы сылдьыа үһү дуо? Суох буоллаҕа дии!
“Бременские музыканты” мультигы наар көрөбүт. Онно принцесса колгуокката сулбуруйан түһэ сылдьар этэ дуо? Суох! Оттон били Мэри Поппинс колгуокката тобугурааччы дуо? Суох! Кинилэр ыллыыллар, үҥкүүлүүллэр – туохтара да сулубуруйбат!
Сааскабар араастаан көстө сатыыбын. Хайа, кэргэн тахсыам дии киниэхэ. Икки этээстээх ороннордоохпут, дьэ ол ойоҕоһунааҕы кирилиэһинэн түһэрбэр биир атахпын эрдэ ыытан шпагаттаан түһэбин, оччоҕо колгуоккам тобугурбута олох көстүбэт. Атын оҕолор сөҕөллөр-махтайаллар, миэхэ кылаабынайа Сааска Уйбануоп көрүөн наада. Кини көрдөҕүнэ биирдэ сиргэ түһэбин. “Акаайы быһыылаах” диэтэҕинэ астынабын, ол аата көрдө, таптыырын кимиэхэ да биллэримээри ыыстаабыта буолар дии саныыбын.
Ол эрэн ол тапталбыт уһаабатаҕа. Таптаан бүтэргэ күһэллээхтээбитим. Таптал суох буолуута биир туманнаах сарсыарда этэ. Кыыс киһи таптыырын уолаттарга мээнэ көрдөрө сылдьыа суохтаах буоллаҕа, ол иһин ол сарсыарда тыраахтар ойуулаах ыскаап таһыгар турабын. Сааскабын күүтэбин. Арай Сааскабын эбэтэ соһон дьэллэритэн көтөн түстэ да, сыгынньахтаан барда. Халыҥ ыстаанын сулбу баттаата, арай... Сааскам сулбуруйа сылдьар уунан хаалбыт колгуоккалаах эбит! Ол аата бу таптаабытым тухары шортигын иһигэр түһэ сылдьар колгуоккалаах эбит буолбаат! Оттон ол колгуокката иннинэн-кэннинэн дьаллайыы, тобугуруу... Киһи кэлэйиэх. “Бременские музыканты” мультикка Трубодур колгуокка кэтэр этэ дуо? Суох буоллаҕа дии!
Билигин кини ити колгуоккатынан шпагат да түспүтүн, “акаайы быһыылаах” да диэбитин иһин ити бэйэлээх хартыына кэннэ тапталым уота аны күөдьүйбэттии уостан хаалла. Колгуоккаттан сылтаан тапталым табыллыбакка, салгыы олоҕум былаана барыта уларыйбыта.