06.10.2026 | 08:48 | Просмотров: 72

Кирэдьиит хааччаҕын туһаныы элбиир

Арассыыйа олохтохторо кирэдьиит ыларга бэйэ баҕа өттүнэн хааччаҕы туруорунуу (самозапреты на кредиты) өҥөтүнэн туһаналлара элбээбит.
Кирэдьиит хааччаҕын туһаныы элбиир
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Балаҕан ыйыгар бу иннинээҕи ыйдардааҕар кирэдьиит ыларга бэйэ баҕа өттүнэн хааччаҕы туруорунуу (самозапреты на кредиты)10,5% элбээбит. Ол туһунан “Холбоһуктаах кирэдьиит бюротун” пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Ол курдук, балаҕан ыйыгар 735 тыһ. киһи кирэдьиит ыларга бэйэ баҕа өттүнэн хааччаҕы туруорунууу сервиһинэн туттубут. Бу өҥөнөн МФЦ нөҥүө 64,1 тыһ. киһи, «Госуслуги» портал нөҥүө – 670,9 тыһ. киһи туһаммыт. 250,6 тыһ. киһи бу хааччаҕын төттөрү көтүрбүт.

Кирэдьиит ыларга бэйэ баҕа өттүнэн хааччаҕы туруорунуу 2025 сыл кулун тутарыттан киирбитэ уонна массыанньыктартан быыһаныы биир суолун быһыытынан буолбута.

Ол туһунан "Киин куорат" сиһилии суруйан турар: https://kiinkuorat.ru/articles/t-k-nten-byy-anyy-biir-k-r-e-kirediit-ylarga-haachcha-y-turuorunuu

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.