КИНИГЭ ДОЛБУУРА. Ханнык кинигэлэри ааҕабыт?
«Киин куорат» интэриниэт таһаарыы ол рубриканы СӨ Национальнай библиотекатын экспертэрин көмөтүнэн сөргүттэ.
СӨ Национальнай библиотекатын Медиа-киинин үлэһитэ Ирина Филиппова:
Алтынньы ыйга үгэс быһыытынан Нобель бириэмийэтин кыайыылаахтарын биллэрэллэр. Швеция химига, инженерэ аатырбыт Альфред Нобель Аан дойдуга улахан туһаны аҕалбыт дьону биһирээҥ диэн кэриэс суругун хаалларар. Кини тыл, литература күүһэ сүдү улахан оруоллааҕын, дьоҥҥо-сэргэҕэ туһаны аҕаларын, химия, физика, медицина, экономика курдук наукалары кытта тэҥҥэ тутан бириэмийэ олохтообута. Сыл ахсын кыайыылаахтары алтынньы ыйга биллэрэллэр, оттон үөрүүлээх чиэстээһин ахсынньы ыйга Альфред Нобель өлбүт күнүгэр ыытыллар. Быйыл литератураҕа бириэмийэни Канада суруйааччыта Энн Карсон ылла, кини сүрүн үлэлэринэн античнай литература улахан айымньыларын тылбааһа буолар.
Онон бүгүн Нобель бириэмийэлээх суруйааччылартан бэйэм аахпыт, сэҥээрбит айымньыларбын сүбэлиэм.

Габриель Гарсиа Маркес, «Сто лет одиночества».
Колумбия суруйааччыта Габриель Гарсиа Маркес Нобель бириэмийэтин 1982 сыллаахха ылбыта, кини өр сылларга суруналыыс быһыытынан үлэлээбит, бэрт дьадаҥытык олорбут эбит, биир саамай улахан баҕа санаата – Латинскай Америка дьонун-сэргэтин санаатын, олоҕун туоһулуур сүдү айымньыны суруйуу. Ол баҕа санаатын толороору, үлэтин быраҕан, 1,5 сыл кэриҥэ дьиэтигэр биир хоско хам хатанан олорон «Сто лет одиночества» романын суруйар.
Бу айымньыга Буэндиа диэн халыҥ аймах 7 көлүөнэ тухары олоҕо-дьаһаҕа көстөр, бастаан утаа киһи ааттарыгар да буккуллуох курдук элбэх персонаж, элбэх дьикти, фантастика аҥаардаах түбэлтэлэр ойууланаллар, сороҕор солуута да суох диэх айыылаах... Ол эрээри бу айымньы литератураҕа сүҥкэн улахан суолталаах. Аатыгар да баарын курдук, киһи дьон быыһыгар сылдьан соҕотохсуйуутун кэпсиирин таһынан, Латинскай Америка култууратын, итэҕэлин олус бэркэ тириэрдэр, холобур, бу эҥэр өлбүт дьоҥҥо олох атын сыһыаннаахтар, кинилэри кытта кэпсэтэр, илэ көрөр, бэл диэтэр, анараа дойдуга баар аймахтарыгар өлбүт киһинэн сурук да тириэрдэр сүөргү быһыынан ааҕыллыбат. Аны туран ромаҥҥа утуйбат буолуу (бессонница) эпидемия курдук тарҕанара ойууланар, ол утуйбат буолуу сүрүн содула – уруккуну умуннарар. Бары урут туох буолбутун, чугас дьоннорун, туттар малларын ааттарын умнан кэбиһэллэр. Бу маҥнай утаа комичнай соҕустук ааҕыллар, ол эрэн биллэр литературнай критиктэр этэллэринэн, бу көннөру эпизод буолбатах, манна суруйааччы дириҥ санааны угар. Латинскай Америка Европаҕа баһылатан, кинилэр култуураларыгар баһыйтаран бэйэлэрин олохторун укулаатын, итэҕэллэрин, култуураларын умнан, симэлитэн кэбиспиттэрин көрдөрөр эбит. Роман биир тыынынан ааҕыллыбат эрээри, биирдэ ааҕылыннаҕына умнуллубат, сааһын, санаатын сиппит ааҕааччыга аналлаах айымньы диэм этэ.
***

Уильям Голдинг «Повелитель мух».
Англия суруйааччыта Уильям Голдинг 1983 сыллаахха Нобель бириэмийэтин ылар. Кини биир сүрүн айымньытынан «Повелитель мух» романа буолар. Романы триллер жанрыгар киллэриэххэ сөп. Оскуола оҕолоро, уолаттар, авиакатастрофа кэннэ ким да суох арыытыгар түбэһэллэр. Айымньыга цивилизацияттан, социальнай быраабылалартан тэйбит киһи ис дьиҥэ хайдах курдук уларыйан арылларын көрдөрөр. Айымньы хара маҥнайгыттан киһи болҕомтотун тутар, тыҥааһыннаах.
Уильям Голдинг идэтинэн учуутал, өр кэмҥэ оҕолору үөрэппит, чуолаан уолаттары, ол сылдьан оҕолору кэтээн көрөр эбит, уолаттар эйгэлэрэ күүстээх уонна мөлтөх диэн икки аҥы хайдарын, манна хайдах хамсааһын тахсарын кэтэээн көрөн, үөрэтэн үчүгэйдик билбит. Кини II Аан Дойду сэриитин кыттыылааҕа, сэриигэ сылдьан киһи куттаннаҕына, ыксаллаах быһыыга киһи майгыта-сигилитэ хайдах уларыйарын илэ хараҕынан көрбүт буолан, бу романы суруйарыгар барытын холбоон, киһи майгытын, киниэхэ цивилизация уонна общество сабыдыалын, бэрээдэк, быраабыла, суут-сокуон диэн суох буоллаҕына киһи майгыта хайдах уларыйарын сүрдээх сытыытык ойуулуур.
Бу кинигэ урукку сылларга иккитэ киинэ буолан тахсыбыт эбит. Психологическай триллердары сөбүлээн көрөр ааҕааччыларга хайаан да ааҕарга сүбэлиэм этэ.