14.10.2026 | 19:00 | Просмотров: 428

Кимэ биллибэт түүҥҥү ыалдьыт

(олоххо буолбут түбэлтэ)
Кимэ биллибэт түүҥҥү ыалдьыт
Ааптар: Туймаада Куораттыыраба
Хаартыска: Оҥоһуу өй
Бөлөххө киир

Римма, 30 саастаах:

– Оччолорго алта саастаахпын. Убайбын кытта биир хоско утуйар этибит. Кини миигиттэн алта сыл аҕа.

Биир сайын убайым сайыҥҥы лааҕырга барбыта. Мин сайыһа, ымсыыра эрэ хаалбытым, кыраҕын диэн ыыппатахтара. Киэһэ аайы хойукка диэри уум кэлбэккэ уһуннук эрэйдэнэн баран утуйарым.

Биирдэ эмиэ оннук ороммор эргичиҥнии сыттахпына, арай хоспор биир уол (кэнниттэн үүт-үкчү убайым курдук) киирэн кэллэ уонна утары турар ороҥҥо сытынан кэбистэ. Мин үөрүүбүттэн ороммор олоро биэрдим уонна оргууй аҕай ботугураан, убайбын ыҥырааччы буоллум. Онуоха истибэтэ быһыылаах, мин диэки хайыһан да көрбөтө. Онтон улаханнык саҥарбыппар, били «убайым» эргилиннэ ээ! Иннибэр хаһан да харахтаабатах билбэт уолум турар – сирэйэ-хараҕа бүтүннүү хаан! Мин часкыйбытынан дьонум утуйар хосторугар биирдэ баар буола түстүм.

Ийэлээх аҕам, ууларыгар аҥаарыйа сылдьар дьон, туох диирбин өйдөөн истибэтилэр да быһыылаах. Арааһа, утуйа сытан баттаппыт диэтилэр. Ийэм: «Бу кыыс киһини соһутта!» – диэн мөҕүттүбүтэ, оттон аҕам олох даҕаны туох эрэ диэн ботугураан баран, салгыы утуйан хаалбыта. Сарсыныгар түүҥҥү ыалдьыт туһунан кэпсии сатаабатаҕым, син биир итэҕэйиэхтэрэ суоҕа дии санаабытым.

Аҕыйах хонугунан убайым улаханнык оһоллонон, балыыһаҕа киирбитэ. Лааҕыртан чугас тутуу бара турар сиригэр оонньуу сылдьан, үөһэттэн сууллан түһэн, атаҕын тоһуппут, эбиитин мэйиитигэр улахан доргуйуулаах диэбиттэрэ. Дьонум олус аймаммыттара. Күн аайы кэриэтэ убайбар баран кэлэллэрэ, миигин дьиэбэр хааллараллара.

Убайым балыыһаҕа ол сайыны быһа сыппыта, күһүн үөрэх дьыла саҕаланыан аҕай иннинэ тахсыбыта, ол эрээри оскуолаҕа хойут барбыта.

Кэлин олорон санаатахпына, кимэ биллибэт түүҥҥү ыалдьыт убайым оһоллонорун сэрэппит буолуон сөп.    

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.