Ким билиилээх – ол сэбилэниилээх
Ол туһунан соторутааҕыта дойду Үрдүкү суутун быһаарыыта таҕыста.
Онтубут ис иһигэр киирдэххэ, манньыат икки өрүттээҕин санатар.
Докумуоҥҥа ити бигэргэтии кырдьаҕаһынан социальнай биэнсийэни эрэ ылар, итинтэн атын дохуота суох биэнсийэлээххэ сыһыаннаах.
Холобур быһыытынан гражданка С суукка: “Биэнсийэ уонна социальнай страхование пуондата суут докумуоннарыгар олоҕуран, миигиттэн иэһи уонна моральнай хоромньу иһин төлүүргэ уураахтаммыт сууманы төлүүрбэр биэнсийэм 50 бырыһыанын тутан ылар. Ол түмүгэр бэйэбэр тииһинэн олоруу алын кээмэйигэр хапсыбат харчылаах хаалабын. Бу – сокуону кэһии буолар” – диэн, үҥсүү түһэрбит.
Суут бастакы инстанцията үҥсээччи кырдьаҕаһы өйөөбүт. Оттон аппелляция кэниттэн ол быһаарыыны көтүрбүт, үҥсүүнү ылымматах. Тииһинэн олоруу алын кээмэйин хаалларар туһунан ый аайы сайабылыанньа суруйуохтааҕын бэлиэтээбит. Оттон С. онрнук сайабылыанньаны биэнсийэ пуондатыгар киллэрбэтэҕэр сигэммит.
Үҥсүһээччи итинтэн тохтооботох, Үрдүкү суут гражданскай дьыалаларга кэллиэгийэтигэр үҥсүбүт. Олор көрөн баран, гражданка бырааба күөмчүлэммит, онон суут бастакы инстанциятын быһаарыыта сөптөөх диэн быһаарбыт.
Үрдүкү суут быһаарбытынан, суут уурааҕын толорого былдьаныа суохтаах баайга-дуолга аһыыр ас бородууктата уонна тииһинэн олоруу алын кээмэйин саҕа харчы эмиэ киирсэр эбит.
"Уопсай быраабыланан, иэстээх гражданинтан иэһин иһин төлөһөрүгэр биэнсийэтин 50-тан тахсыбат өлүүскэтин ыйга төлөттөрүөххэ сөп. Ол эрээри онуоха киһи уонна кини дьиэ кэргэнэ аһын-таҥаһын хааччынарын туһугар баай-дуол тыытыллыбат муҥутуур кыра кээмэйэ диэн бириинсип баар. Ити бириинсип иэстээх киһи хамнаһыттан биитэр атын дохуотуттан иэһи ыларга хайаан да ыйдааҕы тииһинэн олоруу алын кээмэйин хаалларыллыахтааҕын мэктиэлиир", – диэн, Арассыыйа юрист арын Ассоциациятын бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Владимир Груздев быһаарар.
Кини онно өскөтүн биэнсийэлээх дохуота биэнсийэ эрэ баар буоллаҕына, онтуттан тииһинэн олоруу алын кээмэйэ булгуччу хаалыахтааҕын тоһоҕолоон этэр.
"Инньэ гынан, төһө да биэнсийэлээх тииһинэн олоруу алын кээмэйин миэхэ хаалларыҥ диэн сайабылыанньаласпатаҕын да иһин, Социальнай пуонда ити үөһэ этиллибит бириинсиби тутуһуох кэриҥнээх”, – диир.
Этэр эттэҕинэ, сөп курдук. Киһи дьон тэҥинэн аһаан-таҥнан олорорун, тыыннаах сылдьарын туһугар тииһинэн олоруу алын кээмэйигэр эппиэттэһэр дохуоттаах буолуохтаах. Хомунаалынай төлөбүрэ, айанныыра, эм атыылаһара балай да элбэх үбү эрэйэр. Оттон “манньыат иккис өрүтэ” диэн оччоҕо тугу этэбиний?
Манньыат иккис өрүтэ
Биир кырдьаҕас хара күммэр наада буолуо диэн, харчытын хараҕын харатын курдук харыстаан, бааҥҥа уурдарыы мунньунара. Арай туран, биир билэр дьахтара “хайа муҥун ыал муннугун кэрийэ сылдьыамый, дьиэ ылыныам этэ” диэбитигэр аһына санаан, 300 тыһ. солк. баантан устан, уу харчынан иэс биэрбит этэ. Кырдьык-хордьук, нотариальнай да бигэргэтиитэ суох буоллар, дьахтар кырдьаҕаска илиитинэн “Расписка” суруйан биэрбитин илдьэ сылдьара. Сыл иһинэн хайаан да төлөһүөх буолбут. Пахай, дьыалатыгар тиийэн, ыалдьыбыт, онтон аны массыынаҕа киирэн биэрбит аатыран, сол да иэһин төлөөбөккө сылдьыбыт. Иэс ыларын саҕана, өссө үөрдээри, преподавателинэн үлэлиирэ үһү. Онон төлөһүө диэн, бүк эрэнэр буолан биэрбит. Оттон, кырдьык, саахалга эҥин түбэһэрин түбэһээхтээбит быһыылаах. Устунан үлэттэн тохтообут. Дьиҥинэн, үлэһит оҕолордоох эҥин эбит. Саатар кыраны-эмэни да төлөһүө эбитэ буолуо. Биллэринэн, суукка көрдөрбүтүнэн, билигин биэнсийэтигэр эрэ олорор. Суут, ити үөһэ этиллэр бириинсипкэ тирэҕирэн буоллаҕа, төлөөбөтөх үбүн суотугар ый аайы...50 солк. дуу, 500 солк. дуу төлөтөргө уураахтаабыт.
Харчыга албыннаппыт барахсан, хараҕын уутун эрэ соттумахтыыр. “Хаалбыт үйэбэр ол иэһим толору төннүбэтэ эрэбил. Онон бэлэхтээбит курдук буоллум”, – диир. Санаан да көрдөххө, 85-н ааспыт ытык кырдьаҕас ол 300 тыһыынчатын толору ылар туһугар сүүстэн ордук сыл олоруон наада. Киһи суор буолбатах, оччо уһун үйэни таҥара биэриэ дуо?
Итиниэхэ дьүөрэ быһыы-майгы тахсыыта тарбах иһинэн эрэ буолбатаҕа буолуо. Араас дьон баар. Онон биэнсийэлээххэ, кыра хамнастаах киһиэхэ улахан сууманы иэһиир –туһугар куттал, сэрэхтээх буоларыгар тиийэр. Нотариустанан да, ити этиллэр бириинсип тутуһуллар түгэнигэр, иэскин өр күүтэргэ тиийэр эбиккин. Биэнсийэ кээмэйэ тииһинэн олоруу алын кээмэйигэр эппиэттэстэҕинэ махтал.