Ким билиилээх – ол сэбилэниилээх
Дьону албыннаан, харчы хайытар, байар-тайар уххан түөкүттэр мэйиилэрин күүскэ үлэлэтэллэр. Араас суол албыҥҥа үктэтэн, харчыласпыттара эрэ баар буолар. Урут уус-уран киинэҕэ көрөр албыммыт күннээҕи олоххо көстүөн сөп.
Сырыылаах суолга дьон туорууругар аналаах “зебра” баар буолар. Дьэ, ол “зебраҕа”, холобур, оҕотун кэлээскэҕэ уган, онтун анньан суолу туоруурдуу туттан дьахтар турар. Эн массыынаҕынан чугаһааккын кытта сулбу ойон тахсар, эн түҥнэри көтө сыспыт буруйдаах буолан тахсаҕын! Ол кэмҥэ туораттан дьахтар эрэ биитэр биллибэт киһи баар буола түһэр да, абытай-татакай тылынан эйигин буруйдаан, саатырдан, дьыала “итии-буһуу” эрдэҕинэ, өйгүн-төйгүн булуна иликкинэ, эрдэ-сылла харчынан төлөһөргө модьуйаллар. Ким эрэ бириэмэни, ньиэрбэтин харыстаан, кутталы кытта төлөһөр. Ханнык чөл өйдөөх, харчы туһугар оҕо олоҕунан оонньуохтарай дии саныай?! Бэйэни буруйданыы үүйэ тутара эрэбил.
Ити курдук сценарийынан, буруйа суох буруйдаах аатыран харчы төлөһөргө күһэллибит дьон Йошкар-Ола, Набережные Челны, Ижевскэй уо.д.а. куораттартан сайабалыанньаласпыттар. Кинилэр итинник аферистарга киирэн биэрэн, 50 тыһ. солк. саҕалаан, 150 тыһ. солк. маппыттар.
Татарстарн өрөспүүбүлүкэтигэр эмиэ “түөкүннээһин” ыстатыйанан холуобунай дьыала көбүтүллүбүт. Буруйдаахтары көрдүү сылдьаллар.
Итинник түөкүннээһиҥҥэ сыһыаннаан, “Бревис” Москуба адвокаттарын кэллиэгийэтин салайар партнер Игорь Баранов “Российская газета” таһаарыыга манныгы кэпсээбит. Буруйдара дакаастаннаҕына, аферистар туох эппиэтинэскэ тардыллалларыгар тохтообут.
Набережные Челны куоракка итинник түөкүттэргэ түбэспит 34 саастаах эр киһи, модьуйбуттарын курдук, 100 тыһ.солк. ыыппыт. Албыҥҥа үктэппитин кини дьыалатыгар дьүөрэ ролигы көрөн эрэ баран, дьэ, “бабат!” диэбит. Оннук биидьийэ элбээн барбытыгар, саарбаҕа суох түөкүттэргэ киирэн биэрбитин бигэтик өйдөөн, сайабылыанньа суруйбут.
Өскөтүн кэлээскэлээх дьон буруйдара, куомуннаһан, түөкүннүүр санааттан итинник дьаһаммыттара дакаастаннаҕына, эрдэттэн сыал-сорук туруорунан, бөлөҕүнэн куомуннаһыы буолбутунан ааҕыллар. Хас да түбэлтэҕэ буруйдаах буоллахтарына, буруй-сэмэ өссө улаатар. Онон төһө киһини албыннаабыттара, төһөтө итинник түөкүннээбиттэрэ, ылбыт суумалара барыта учуоттанар. Ол иһин туох хайа иннинэ кыттыгастаах өрүттэр куомуннаһан оҥорбуттара, хас биирдии бэйэлэрэ туһааннаах оруолу толорбуттара дакаастаныахтааҕын адвокат ыйар.
Билигин баар сокуонунан, судургу түөкүннээһиҥҥэ албын суолунан 250 тыһ. солк. тахсаны албыннаабыт түгэннэригэр улахан кээмэйдээх үбү (крупный размер) үктэтэн ылыы диэн буолар. Ураты элбэх кээмэйдээххэ 1 мөл. солк. тахсаны ылыы (особо крупный размер) киирсэр.
Адвокат дойду үрдүкү суута хас да түбэлтэҕэ биир уопсай өйдөбүлүнэн салайтаран, үүт-үкчү буруй оҥоһуллубут түгэнигэр ити түбэлтэлэр уопсай суумалара учуоттанарын бигэргэппитин бэлиэтиир.
Ол эбэтэр, түөкүттэр 50-150 эрэ тыһ. солк. албыннаатыбыт диэн, быдан ыарахан буруйдааһынтан куотунар кыахтара суох. Онон ити дьон хас да буруйу оҥорбут чахчыларын ир суолларын ирдээн булар интэриэс баар. Ол курдук, РФ УК 159 ыст. 4 чааһынан, тэрээһиннээх бөлөх уонна ураты улахан кээмэйдээх харчыга түөкүннээһин буолара дакаастаннаҕына, буруйдаахтар 10 сыл күлүүс хаайыытыгар түбэһэллэр, 1 мөл. солк. диэри кээмэйгэ ыстарааптаналлар эбит.
Итиниэхэ дьүөрэ схеманан, соруйан массыыналарынан киирэн биэрэн баран, улахан сууманы олордон ылааччылар эмиэ баалларын санатар тоҕоостоох. Бэл, биһиги куоракка кытта сыр-мыр оннук быһыы тахсар дииллэр. Дьон бириэмэ былдьаһыгар сылдьан биитэр ДТП боротокуолугар киирэн, историятын буортулаамаары көрдөөбүт харчыларын биэрэллэр үһү. Хатылаан бэлиэтиибит: “үһү”.