Килиэп, бурдук астааччылар, субсидияны туһаныаххытын сөп.
СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ килиэп уонна килиэп-буулка оҥоһуктары астыырга көрсөр ночоотторун кэккэ өлүүскэтин сабынарга дьоҕус агробиисинэскэ көрүллэр субсидияны ылыыга куонкурус буоларын иһитиннэрэр.
Субсидияҕа сайаапканы килиэп уонна бурдуктан бэлэмнэнэр кылгас кэмҥэ харайыллар кондитерскай оҥоһуктары, туортары уонна пирожнайдары астыыр, ОКВЭД-тара 10.71 кодтаах ОК 029-2014 юридическай сирэйдэр уонна биирдиилээн урбаанньыттар ыытар бырааптаахтар.
Куонкурус киритиэрийигэр Саха сирин тыатын сиригэр уонна тыа хаһаайыстыбатын агломерациятыгар 12 ыйтан кылгаһа суох кэмҥэ регистрацияламмыт тыа хаһаайыстыбатын дьоҕус табаары оҥорооччулара киирсиэхтээхтэрэ этиллэр. Ону тэҥэ 100 тыһ. элбэҕэ суох нэһилиэнньэлээх куоракка уонна бөһүөлэккэ регистрацияланан үлэлээччилэр эмиэ киирсиэхтэрин сөп.
Куонкуруска кыттар сайаапканы уонна ирдэнэр докумуоннары бу дьыл алтынньы 22 күнүтээн сэтинньи 11 күнүгэр диэри “Электроннай бүддьүөт” тиһигэр электроннай көрүҥҥэ толорон ыытыллар.
Ыйытыылаах түгэҥҥэ “ЦРО АПК” ГКУ өйүүр судаарыстыба отделыгар бу нүөмэрдэргэ эрийэн чопчулаһыаххытын сөп: 88001002526, 89148203108.