Киирии эксээмэнэ суох университекка ылыы усулуобуйата
«Кыайыылаах уонна призер аатын ылбыт оҕолор олимпиада хайысхатыгар сөп түбэһэр Арассыыйа бастыҥ үрдүк үөрэх кыһаларыгар эксээмэнэ суох киирэр бырааптаахтар», — диэн миниистир РИА Сонуннарыгар интервьютугар быһаарда.
Ону таһынан, олимпиадниктар харчынан төлөбүргэ эмиэ суоттаналлар. Регионнар кинилэргэ биир кэмнээх харчынан көмөнү, ону тэҥэ бэрэсидьиэн гранынан үрдүк үөрэххэ үөрэнэр кэмнэригэр ый аайы төлөбүр оҥороллар.
Быйыл Бүтүн Арассыыйатааҕы олимпиада түмүктүүр түһүмэҕин дипломунан 4241 киһи наҕараадаламмыт. Кинилэртэн 732 кыайыылаах, 3509 призер буолбут.
Манна даҕатан эттэххэ, СӨ үөрэнээччилэригэр Ил Дархан ыйааҕынан Арассыыйа олимпиадатын кыайыылаахтарыгар – 500 тыһыынча солкуобай, оттон призердарга 100 тыһ. солк харчынан бириэмийэни бэс ыйын 1 күнүгэр туттараллар.
Арассыыйа үрдүк үөрэх кыһаларыгар докумуоннары уонна сайабылыанньалары тутуу бэс ыйын 20 күнүттэн саҕаланар.