Киинэ бэстибээлин куоластааһыныгар кыттыҥ
Куоластааһын сэтинньи 5 күнүгэр диэри «Most» сыһыарыыга ыытыллар. Кыайыылаахтары “Бастыҥ сахалыы киинэ”, “Бастыҥ эр киһи оруола”, “Бастыҥ дьахтар оруола” номинацияларга быһаараллар.
Быйыл 10 киинэ, 9 эр дьон, 8 кэрэ аҥаар артыыстар күрэстэһэллэр. Онлайн куоластааһыҥҥа ким баҕарар кыттыан сөп.
“Бастыҥ киинэ номинацияҕа киирбит 10 киинэ: «Присутствие», «КСБ: Как стать боссом», «Күүлэй. От Кэмэ», «Граница», «Мэхээлэчээн булчут», «Золото Тойон Бая: Дневник геолога», «Олох түгэннэрэ», «Сайылыкка…», «Айа да Айан» уонна «Айхал».
“Бастыҥ эр киһи оруолун” иһин Виталий Щукин, Дмитрий Баишев, Вячеслав Шатненко, Федот Львов, Василий Бубякин, Альберт Ноговицын, Петр Кулаковскай, Валериан Жанхаады уонна Эрхан Слепцов киирсэллэр.
“Бастыҥ дьахтар оруола” номинацияҕа Анастасия Алексеева, Саина Семенова, Лилиана Петрова, Евгения Шамаева, Саина Захарова, Ольга Спиридонова-Ника, Акулина Стрижкова уонна Ильяна Павлова кытталлар.
IX Норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээл сэтинньи 4-9 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллар. Бэстибээл бастакытын кыһын ыытыллар. Бырагыраамаҕа норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ күрэҕэ, маастар-кылаастар, айар үлэһиттэр көрсүһүүлэрэ о.д.а. баар.