Киин куоракка «Умный транспорт» сыһыарыы оптуобустар 95%-рын көрдөрөр
Суол инфраструктуратын уонна тырааныспар департаменын начаалынньыга Эдуард Садовников кэпсээбитинэн, уот бардаҕына сыһыарыы үлэтигэр тахсар кыһалҕалары туораппыттар. Онуоха саппаас генератордары туруорбуттар уонна интэриниэт сибээс эбии ханаалларын тэрийбиттэр.
Ол да буоллар, мобильнай сибээс мөлтөх түөлбэлэригэр кэккэ уустуктар бааллар. Чуолаан, ДСК эргин уонна тэйиччи сытар хотугу оройуоннарга оптуобус турар сирэ сыыһа эбэтэр хойутаан көстүөн сөп. Онуоха сыһыарыы үлэтэ мобильнай сибээстэн быһаччы тутулуктааҕа бэлиэтэнэр.
«Сүнньүнэн, сыһыарыы үчүгэйдик үлэлиир: оптуобустар 95%-ра көстөр. Ол эрээри техническэй алҕастары букатын суох оҥорор кыалла илик. Дьиэгирии таҕыстаҕына, исписэлиистэр ону туоратарга суһал миэрэлэри ылаллар», ؘ– диэтэ Садовников.
Оптуобус ханна турарын эбэтэр кэлиэхтээх бириэмэтин 300-900 нүөмэринэн колл-кииҥҥэ эрийэн ыйытыахха сөп.