Киин куоракка спорт оскуолаларыгар 8 524 оҕо дьарыктанар
Дьокутааттар 2026 сыл тоҕус ыйыгар муниципальнай бырагыраамалар туолууларын, олорор дьиэ-уот боппуруоһун быһаарыыга эдэр ыаллары өйөөһүнү уонна 2027–2029 сылларга бүддьүөтү бэлэмнээһини көрдүлэр.
Мунньахха хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Александр Румянцев, дьокутааттар Алексей Семенов, Алена Никитина, Филипп Седых уонна Кирилл Соболев, ону тэҥэ Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.
Физическэй култуура уонна спорт управлениетын иһитиннэриитинэн, 2026 сыл тоҕус ыйыгар Дьокуускайга спорт уонна физкултуура 68 тэрээһинэ ыытыллыбыт, онно 4 157 киһи кыттыбыт.
Футзалга, баскетболга уонна волейболга кулууп лигаларын күрэхтэһиилэрэ ордук элбэх киһи – 2 085 киһи кыттыбыта бэлиэтэннэ.
Оҕо-ыччат спорт оскуолаларыгар 8 524 оҕо дьарыктанар.
Тоҕус ый түмүгүнэн Дьокуускай сүүмэрдэммит хамаандаларын күрэсчиттэрэ өрөспүүбүлүкэ уонна Арассыыйа таһымнаах күрэхтэһиилэргэ 113 бириистээх миэстэҕэ тиксибиттэр.
Управление сабаҕалыырынан, сыл бүтүүтэ физическэй култууранан уонна спордунан тиһиктээхтик дьарыктанар куорат олохтооҕун ахсаана 198 тыһыынчаҕа тиийиэҕэ. Бу – куорат нэһилиэнньэтин аҥаарын кэриҥэ.