Норуот уус-уран оҥоһуктарыгар босхо маастар-кылаастар ыытыллыахтара
Сэтинньи 4-6 күннэригэр Дьокуускайга саха төрүт үгэстэринэн босхо маастар-кылаастар ыытыллыахтара. Кыттааччылар ити этиллибит сатабылларга үөрэниэхтэрэ.
Маҥнайгы дьарык сэтинньи 4 күнүгэр 10:00 чаастан Кыайыы 40 сыла дьоҕус түөлбэҕэ, 3/1 нүөмэрдээх дьиэҕэ буолуоҕа. Онно «Көмүлүөк» хампаанньа бэрэстэбиитэллэрэ саха иһитигэр ааптарыскай ойууну түһэрэргэ уһуйуохтара.
Сэтинньи 5 күнүгэр 16:00 чаастан уран тарбахтаах Сардана Олесова «Северяночка» диэн саха куукулатын оҥорууга маастар-кылааһы ыытыаҕа. Буолар сирэ: Киров уул. 18, Б блога.
Сэтинньи 6 күнүгэр 16:00 чаастан «Туораах ытарҕа» диэн дьиҥнээх таастартан харысхалы оҥорууга дьарыгы Изабелла Павлова иилээн-саҕалаан ыытыаҕа. Буолар сирэ: Киров уул. 18, Б блога.
Маастар-кылаастары «Мин биисинэһим» киин тэрийэр. Кыттыы босхо, ол эрээри миэстэ ахсаана хааччахтаах – хас биирдии дьарыкка 10 киһиттэн элбэҕэ суох буолуохтаах. Биир эрэ маастар-кылааска суруйтарыахха сөп.
Кыттарга эрдэттэн бу сигэнэн регистрацияны ааһыахха наада.