Киин куоракка инфекционнай балыыһа саҥа дьиэтэ тутуллуоҕа
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, тутууга куорат 150-с кыбартаалыгар 46 тыһыынча кв. миэтэрэттэн тахса иэннээх сир учаастага быһаарыллыбыт.
Сметанан сыаната 2021 сыл III кыбаарталын сыанатынан 6,39 миллиард солкуобай кэриҥэ буолбут.
Эбийиэги 2027–2029 сылларга хапытаалынай тутуу эбийиэктэрин реестригэр киллэрии уонна федеральнай үбүлээһини биэрии боппуруоһа федеральнай биэдэмистибэлэри кытары бииргэ ырытыллар.
Маны сэргэ Курскай уобаласка олоххо киллэриллибит инфекционнай балыыһа типовой бырайыагын туһаныы кыаҕа көрүллэр. Курскай өттүттэн бырайыак-смета докумуонун ылан баран, ону Арассыыйа Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр ыытар былаан баар.
Билигин бырайыактыыр уонна үбү-харчыны быһаарар үлэ ыытыллар.