30.10.2026 | 19:00 | Просмотров: 298

Киһи тута итэҕэйэ охсуо суоҕун курдук сүҥкэн ситиһии

Үйэ чиэппэрин кэриэтэ кэм устата икки илиитэ-санна суох сылдьыбыт киһи илиилэниэн сөп дуо? Сөп эбит! Сүрүнэ, санааны түһэримиэххэ наада.
Киһи тута итэҕэйэ охсуо суоҕун курдук сүҥкэн ситиһии
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: FELIX GRETARSSON, HOSPICES CIVILS DE LYON хаартыскалара
Бөлөххө киир

Илии-сарын трансплантациятын курдук сүҥкэн суолталаах, олус уустук эпэрээссийэни Франция хирурдара букатын да биэс сыл анараа өттүгэр оҥорбуттар эбит. Дьэ, дьикти, сөҕүмэр ситиһии диэтэҕиҥ!

20 ордугуна 3 сыл икки илиитэ суох сылдьан баран, илиилэнэн таптыыр, күндү дьонун бэйэтин илиитинэн кууһар, илиитинэн туһанар кыахтаммыт дьоллоох киһи аата Феликс Гретарссон диэн. Исландия олохтооҕо. Эпэрээссийэлэнэр кэмигэр кини 48 саастааҕа.

Үлэлии сылдьан, илиитэ суох хаалыы

Кини электрик идэлээх эбит. 1998 сыллаахха үлэлии сылдьан, уот күүрүүтэ эмискэ 11 тыһ. вольт буола үрдээбитин түмүгэр, кини уокка оҕустаран, илиитин хараарыар диэри сиэтэн, үөһэттэн сууллан түспүт. Оччо үрдүктэн сууллубут киһи элбэх уҥуоҕа тостубут. Иһин-үөһүн улаханнык доргуппут. Инньэ гынан, үс ый усталаах-туоратыгар комаҕа киирэн сытаахтаабыт. 50-ча араас хабааннаах эпэрээссийэни ааспыт. Ол иһигэр илиитэ туһата суох буолбутун, сытыйан барбытын быһыытынан, ол сыттаҕына ампутациялаабыттар.

Төһө эрэ кэм ааспытын кэннэ, ыарыһах өйүгэр түспүт. Ол гынан баран, эмискэ икки илиититтэн маппыт охсуутугар ыарахан депрессияҕа киирбит. Ыарыыны намырытар норкуотукка үөрэнэн хаалан да буолаахтыа, устунан оннук хобдох дьаллыкка ылларбыт.

Хата, түөрт сыл буолан баран, Гретарссон олоҕун барытын ырытан көрөн баран, маннык олоҕун хайаан да уларыттаҕына, норкуотуктан тэйдэҕинэ табылларын дьэҥкэтик өйдөөбүт. Киһи сиэринэн олорорго дьулуспут. Ити тухары трансплантацияҕа эрэллээх эбит да, киниэхэ барсар дуонор көстөн быстыбатах.

Күүтүүлээх түгэн – эпэрээссийэ

Сөптөөх дуонар, 23 сылынан да буоллар, кэмниэ-кэнэҕэс көстөн,  күүтүүлээх эпэрээссийэ саҕаламмыт. Атын киһи илиитин атын киһиэхэ олордуу ыгым бириэмэни ирдиир буолан, хирургтар түөрт биригээдэлэрэ эпэрээссийэлиир буолбут. Ол эбэтэр 50-ча эмчит кини тула 14 чаастан тахса кэм устата дьаныһан туран түбүгүрбүттэр. Сөп ээ, хас биирдии ньиэрбэни ситимнээһин эттэххэ эрэ дөбөҥ.

 

СМИ суруйбутунан, эпэрээссийэҕэ кыттыбыттар ортолоругар аан дойдуга аан бастакынан, 1998 сыллаахха туора киһи илиитин атыҥҥа ситиһиилээхтик олордубут аатырбыт быраас, профессор Жан-Мишел Дюбернары кытта бииргэ үлэлэспит медиктэр бааллара үһү. 

Греттарсону кытта аан бастаан ол профессор Дюбернар Рейкьявикка буолбут кэмпириэнсийэҕэ көрсөн кэпсэппиттэрэ, билсибиттэрэ этиллэр. Оттон биир источникка кини бастаан, ампутацияламмыта уон сыл буолан баран,  Жан Мишель Дюбернар лиэксийэ ыытарын туһунан рекламаны тэлэбиидэнньэҕэ түбэһэ түһэн көрбүт. Кинини анаан көрдөөн, булан тиийэн эпэрээссийэлэниэн баҕарарын үллэстибит.

Ыра санаа туолуута

Ол кэнниттэн Исландия үрдүнэн итинник эпэрээссийэҕэ наадыйарын этэн, онно анаан, харчы хомуйуута саҕаламмыт. Үтүө санаалаахтар көмөлөрүнэн ирдэнэр 200 000 еврон көстөн, киһибит эмчитин таһыгар буолаары Францияҕа айаннаабыт. 2017 сылтан, аны  дуонар көрдөөһүнэ  саҕаламмыт.

Хирург Газарян бу эпэрээссийэ түмүгэр тоҥолоҕо сатаан бэйэтэ токуруйар буолуута сүрүн суолталааҕын эппит. Ону ситиһэргэ үс сыл реабилитацияланыахтааҕын туһунан пациент билэрэ. 

Феликс Гретарсон туһунан кэнники суруйууга, кини ыра санаата – дьоннорун бэйэтин илиитинэн кууһар бэлиэ түгэнэ – үс сыл кэтэһиннэриитэ суох, эрдэлээн олоххо киирбит. Кини 2022 сыллаахха тапталлаах кыыһын уонна сиэннэрин дьоллоно кууспут! Бэртээхэй буолбаат?

 

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.