26.10.2026 | 11:25 | Просмотров: 87

Кэлэр сыл бүддьүөтэ 2,7 млрд солк. диписииттээх ылылынна

Бу – бүддьүөт бастакы ааҕыытынан турук. Дьиҥ балаһыанньа өссө уустук буолар чинчилээх.
Кэлэр сыл бүддьүөтэ 2,7 млрд солк. диписииттээх ылылынна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ил Түмэн XX уочараттаах мунньаҕар Саха сирин кэлэр 2027 сыллааҕы бүддьүөтүн бастакы ааҕыыга ылыннылар. Үп-харчы чааһыгар хардатааҕар ыйытыга элбэх диэн бэлиэтиэх кэриҥнээхпит. Дьокутааттар да ыйытыктара уонна кистэл кэриэтэ тутуллар чахчылар бааллара ону кэрэһилиир. Кэнники ааҕыыларга эрэл баар да...

Билиҥҥи туругунан, кэлэр сыллааҕы дохуот –  337,6 миллиард солк., ороскуот – 340,3 миллиардынан быһаардылар. Ол эбэтэр, бүддьүөт тиийбэт чааһа 2,7 миллиардка тэҥнэстэ.

Дьиҥ суума, сэрэйдэххэ, итинтэн үгүөрү буолар чинчилээх.  Сыана туохха барытыгар үүнэ-тэһиинэ суох үрдүүрэ сабаҕаланар. Аҥаардас хомунаалынай өҥө, кытаанах бөҕү тиэйии тарыыба да улаатара туһугар төбө ыарыыта буолар кыахтаах. Социальнай хайысхаҕа, үөрэхтээһиҥҥэ, доруобуйа харыстабылыгар, култуураҕа, спорка уонна социальнай бэлиитикэҕэ 135,4 миллиард солкуобайы тыырдылар. Коммунальнай хаһаайыстыбаҕа 56 миллиард үп-харчы бастакы ааҕыыга уурулунна. Ити гынан баран, култуура эйгэтигэр икки ыйга тиийэ төлөбүрэ суох уоппускаҕа ыытыы, кэккэ улууска, холобур, Муомаҕа кэлтэгэй кэппиэйкэтэ суох хаалыы, хомунаалынай эйгэ салаатыгар хамнаска иэс баара хайдах да толкуйдаппат буолар туһа суох. Иккис өттүттэн, бүддьүөт үлэһиттэрин хамнаһыгар көрүллүөхтээх кэмпэнсээссийэ үбэ хааһына үбүн тыырыыга учуоттанна диэн буолбута. Онон кэлэр сылтан үп-харчы, дьиэ-уот хомунаалынай салаа дьиҥ туруга хайдах буоларын кэм- кэрдии бэйэтэ эрэ көрдөрүө турдаҕа.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.