Сулусчут сүбэтэ
✅Хой.
Нэдиэлэ саҕаланыыта былааны уларытарга күһэйэр соһуччу уларыйыы тахсыан сөп. Күннээҕи сүпсүлгэнтэн, көр- нар олохтон тэйиччи сырыт. Ыксаабакка, тулалыыр быһыыны-майгыны көрө сылдьан, сөпкө дьаһан. Нэдиэлэ иккис аҥаарыгар таптыыр киһигин кытта өйдөспөт буолуу күүһүрүөн сөп. Күнүүнү кыйдаа, ирдэбилгин сымнат.
✅Оҕус.
Нэдиэлэ саҕаланыытыгар кэргэннии сыһыан тымныйан ылыан сөп. Тугу эрэ сөбүлээбэтэххинэ да, ону иирсээҥҥэ тиэрдибэт курдук, ыгыма, кыҥкыйдаама. Бэйэҕэ эрэли сүтэрбэт куолу. Быһымах быһаарыныылары ылынартаҥ туттун. Нэдиэлэ иккис аҥаарыгар көрсүһүү, саҥа билсиһүү ситиһиилээх буолуо. Сэргэхсийиэҥ.
✅Игирэлэр.
Үлэ, түбүк элбэх буолан, тэтимнээхтик хамсаныы ирдэнииһи. Ол да буоллар тыын ыла түһэн, сынньанар гына былааннаан дьаһан. Ыраах айаҥҥа туруммат ордук. Сулустар дьону кытта алтыһаргар эмоцияҕын туттунарга сүбэлииллэр.
✅Араак.
Тапталлаахыныын сыһыаны харыстаа. Кириитикэлииртэн, сэмэлииртэн туттун. Киниэхэ болҕомтолоохтук, амарахтык сыһыаннас. Үбү- харчыны ааҕан- суоттаан тутун. Үп боппуруоһа судургута суох. Уустук үөскээтэҕинэ доҕотторгуттан сүбэтэ көрдөө. Өйүөхтэрэ.
✅Хахай.
Өр быһаарбакка сылдьыбыт боппуоһуҥ бу кэмҥэ хаттаан күөрэйиэн сөп. Хас биирдии хамсаныыгын суоттаан, сыымайдаан баран эрэ оҥор. Ис сүрүҥҥүн ыһыктыма. Буолар быһыы- майгы тус бэйэҕиттэн тутулуктаах. Тулуур, дьулуур баар уонна сыал дьэҥкэ буоллаҕына барыта табыллыа. Нэдиэлэ иккис аҥаарыгар аймахтардыын өйдөспөт быһыы биллиэн сөп. Мин этэрим эрэ сөптөөх диэнинэн салайтарыма.
✅Кыыс Куо.
Тулалыыр дьонуҥ араас көрдөһүүнэн, бэйэлэрин кыһалҕаларын эйиэхэ соҥноон сылатыах курдуктар. Устунан уйулҕа ноҕуруускаланыан сөп. Онон кыалларынан кулгаах таһынан аһара сатаа. Нэдиэлэ иккис аҥаарыгар буолар саҥа билсиһиилэргэ сэрэхтээх буолар ордук.
✅Ыйааһын.
Ыйааһыннарга нэдиэлэ саҕаланыыта харчы уонна мал-сал боппуруоһа инники күөҥҥэ тахсыыһы. Сулустар эһигини тулуурдаах буоларга, ыксал быһаарыныыны ылбакка сүбэлииллэр. Таптыыр киһигэр аламаҕайдык сыһыаннас. Аскар болҕой.
✅Скорпион.
Көхтөөх олох оргуйар үөһүгэр буолар, туох эрэ хамсааһыны, үлэни көҕүлүүр баҕаҥ улаатар чинчилээх. Ол эрээри ситэ толкуйдамматах быһаарыыны ылар кутталлааххыт. Ол туһуттан чугас дьоҥҥунуун өйдөспөт түгэн тахсыан сөп. Онон тугу да көҕүлээбэт ордук курдук. Карьера туһунан бу кэмҥэ туруорсума.
✅Охчут.
Истибиккин барытын итэҕэйэн иһимэ. Саарбах сурахтары кэпсииртэн туттун. Оччоҕо улахан иирсээҥтэн быыһаныаҥ. Докумуоҥҥа илии баттыыргар болҕомтолоох буол. Доруобуйаҥ чааһа этэҥҥэ.
✅Чубуку.
Үбү - харчыны суоттаан- учуоттаан тутун. Туох эрэ бырааһынньыкка бэлэмнэнэр түгэҥҥэр үлүбээй буолбакка, туох наадатын чопчу испииһэктээн эрэ ыл. Бэчэрииҥкэлэринэн үлүһүйүмэ.
✅Күрүлгэн.
Тиэтэл, сыыһа-халты быһаарыныылары ылар кутталлааххын. Мөккүөргэ эн сөпкө этэргин дакаастыы сатаабат ордук. Холку буол. Нэдиэлэ иккис аҥаарыгар чугас доҕоргун кытта кыра өйдөспөт быһыы тахсыан сөп.
✅Балык.
Сокуону, быраабыланы тутуһа сырыт. Суолга болҕомтолоох буол. Докумуон хойутаан, балачча ыксаан ылыаххын сөп. Ыраах айаны уонна командировканы сыныйан былаанныыр ордук. Устудьуоҥҥа үөрэх матырыйаалын ылыныыга уустуктар үөскүөхтэрин сөп.