Кэлэр нэдиэлэтээҕи гороскоп
Кэлэр нэдиэлэҕэ, алтынньы 15 күнүгэр, халлааҥҥа икки суолталаах планета — Күн уонна Юпитер — ыкса хардарыта дьайсыылаах алтыһыылара буолар. Ол эһиэхэ саҥа кэскиллээх суоллары арыйар кыахтаах. Санаабыт санааҕыт, былааҥҥыт олоххо киирэр кыаҕа улаатар. Айан, үөрэх- билии чааһа ордук табыллыа. Төбөлөөх, кыахтаах дьон эһигини өйүөхтэрэ. Бу планеталар тиксиһиилэрэ сайдарга, бэйэ сабыдыалын күүһүрдэргэ көмөлөөхтөр. Күүстээх санаалаах, хорсун уонна бэйэҕэ эрэллээх дьон, бу кэми туттумахтаһыҥ.
Саҥа кыаҕы арыйар, ситиһиини аҕалар бэлиэ кэм үүннэ.
Хой.
Кутуҥ-сүрүҥ айар күүс абылаҥар ылларыыһы. Ускуустубаҕа, айар үлэҕэ, оҥорон көрүүгэ сыһыаннаах саҥа дьарыкка уонна ураты уус сатабылын баһылыырга анаммыт кэм. Спордунан дьарыктан. Күрэх түмүгэ ситиһиилээх буолуон сөп. Куонкурстарга, кастиннарга чаҕыйбакка кытын. Сулумах буоллаххына, аналгын көрсөр кыаҕыҥ улаатар кэмэ.
Оҕус.
Уоскуйар, санааны сааһыланар гына, аргыый- наллаан оҥоһуллар дьарыкка ылыс. Сибиэһэй салгыҥҥа хаамыы, кинигэни ааҕыы, тыыныы эрчиллиитэ уонна бэйэҥ биһириир сынньалаҥыҥ көрүҥэ эйиэхэ туһалыа. Харчы балаһыанньата тупсууһу. Үп хас да сиртэн киириэн сөп: үлэттэн, эбии дьарыктан биитэр аймахтартан. Туох эмэ улаханы атыылаһар кыах үөскүө. Туһалааҕы, чахчы наадалааҕы ыла сатаа. Дьиэ кэргэҥҥэ — өйдөһүү, өйөһүү сатыылыыр.
Игирэлэр.
Доҕоттору, дьүөгэлэри кытта алтыһыы бэркэ ааһыа. Наадалаах, туһалаах билсиһии баар буолуон сөп. Бу кэми туһалаах социальнай, доҕордуу уонна дьыалабыай сибээһи олохтуурга туһан. Саҥаны саҕалыыртан, сонун дьарыкка ылсартан толлума. Биир санаалаах дьоҥҥут түм, уопсай дьыалаҕа көҕүлээ.
Араак.
Эйиэхэ үп- харчы уонна хамсыыр баай-дуол өттүгэр бэртээхэй нэдиэлэ иһэр. Идэҕэр бастыҥҥын салалтаҕар көрдөрөргө тоҕоостоох кэм. Үп туруга тупсан, бэйэҕин кыахтаахтык уонна эрчимнээхтик сананыаҥ. Дуоһунас үрдүөн сөп. Дьиэ кэргэҥҥэр, төрөппүттэргэр аламаҕай буол. Үп боппуруоһун быһаарарга, идэ таһымын үрдэтэргэ барсар кэм.
Хахай.
Бу нэдиэлэҕэ бары өттүнэн сайдарга табыгастаах. Ыраах сиргэ айан ситиһиилээх буолсу. Саамай хорсун уонна улахан былааны оҥостуоххун сөп.
Кыыс Куо.
Үп-харчы туһунан быһаарыныыны ымпыгар - чымпыгар диэри ырытан, толкуйдаан эрэ бараниылын. Иэскэ кииримэ. Болҕомтолоох, уопуттаах үөлээннээҕиҥ өйөбүлэ туһалыа. Кыраадыстаах утахха чунаһаама. Ыйааһын.
Партнердары кытта кэпсэтии табыллар кэмэ. Ити — дьыалабыай, үлэ чааһыгар эрэ сыһыаннаах буолбатах. Таптал, доҕордуу сыһыан эмиэ таарыллар. Сүрүнэ, ыксаан ууга- уокка түспэккэ, дуоспуруннаахтык сыһыаннас. Үөрэх эйгэтигэр ситиһиилэнэр кыах лаппа улахан. Саҥа кэскиллээх хайысхалар арыллыах курдуктар.
Скорпион.
Бу нэдиэлэҕэ сыал- сорук дьэҥкэ, чопчу буоларыгар кыһан. Дьоҕур, талаан күүһүрэр кэмэ. Өскөтүн эйиэхэ ыарахан буоллаҕына, бэйэҕэр бүгүмэ. Чугас дьоҥҥор, доҕоргор кэпсээ, сүбэлэт. Үлэ-хамнас уонна карьера чааһа бэйэҕит эрэ мөлтөөн биэрбэтэргин, тупсар кыахтаах. Сүрүн сыалыҥ — карьераны тупсарыы эбэтэр уопсастыбаҕа ылар балаһыанньаын бигэргэтии буолуохтаах. Икки куобаҕы тэҥинэн сырсан, кураанаҕы кууспат гына дьаһан.
Охчут.
Бу кэмҥэ билиигин, уопуккуҥ үллэстэр баҕаҥ күүһүрүөн сөп. Педагогическай үлэҕэ уонна интернет ситимигэр матырыйааллары таһаарыыга бэйэни көрдөрөр кыах бэриллиэ. Бэйэ санааьын киэҥ эйгэҕэ үллэстэргэ тоҕоостоох кэм. Үлэ көрдөнөөччүлэргэ табыгастаах нэдиэлэ. Ону тэҥэ Тапталга уонна ыал буолууга ураты ситиһиилээх нэдиэлэ.
Чубуку.
Бу нэдиэлэ дьиэ кэргэн иһинээҕи сыһыаны чиҥэтэргэ уонна күүһүрдэргэ көмөлөһүө. Үп-харчы туруга тупсар чинчилээх. Үлүбээй ыһыахтаныма, буоларга - буолбакка бараабаккп, өйдөөхтүк туһан. Доруобуйаҕын көрүн.
Күрүлгэн.
Бу нэдиэлэни доҕордуу-партнердуу сыһыаны чиҥэтиигэ туһаай. Тулалыыр дьоҥҥун кытта сибээһи тупсарарга үчүгэй кэм. Айар үлэҕэ, үөрэххэ уонна саҥа билсиһиини олохтуурга анаммыт кэм. Романтика тыына илгийэр. Хайаҕытын эрэ сибидээнньэ күүтэр.
Балык.
Бу нэдиэлэ эйиэхэ материальнай уонна үп-харчы боппуруостарын быһаарарга табыгастаах. Дохуоту улаатыннарар туһунан толкуйдаа. Ону тэҥэ дьиэ кэргэҥҥэр болҕомтоҕун күүһүрдүөҥ, бириэмэҕин да кинилэргэ аныаҥ этэ.