Бу нэдиэлэҕэ сулустар эйиэхэ сүбэлииллэр
Хой.
Саҥа соруктары толорорго бэлэм буолуоҥ, чэппиэр — сайдыы күнэ. Кэлэр нэдиэлэ тулуурдаах буолууну эрэйэр. Үлэҕэ тиэтэллээх быһаарыныылартан туттун. Карьераны тупсарарга ылыс. Спордунан дьарыктан. Харчыгын кэмнээн тутун.
Оҕус.
Турук биир тэҥ буолуоҕа, инникигэ эрэллээх санаа дьону кытта алтыһарыҥ туһалыа. Үбү-харчыны былааннаан тутун. Чугас дьоҥҥуттан үөрүүлээх сонуну истиэҥ. Ночоотурбат курдук дьаһан.
Игирэлэр.
Сурах-сонун сүүрээнин ортотугар буолуоҥ. Саҥа сонуннар былааннаргын уларытыахтара. Алтыһарга, саҥа дьоннуун билсэргэ тоҕоостоох нэдиэлэ.
Араак.
Бэйэҥ дьыалаҕын уонна чугас дьонуҥ көрдөһүүлэрин тэҥнээн биэриэххин наада. Доруобуйаҕар уонна сынньалаҥҥар болҕой! Бэйэҕин аһара сылатыма. Хамаанданан үлэ ордук түмүктээх буолуо.
Хахай.
Болҕомто киинигэр түбэһэр кутталлааххын. Айар кут күүһүрэр кэмэ. Бэйэҕэ эрэллээх буолууҥ күүстээх дьону эйиэхэ тардыаҕа. Сайдар суолу тутус.
Кыыс Куо.
Харчыга сыһыаннаах дьайыылартан туттуна түс. Дьыалаларгын сааһылаа, бэрийэ түс. Эргэ соруктары түмүктүүргэ үчүгэй кэм. Үлэҥ хаачыстыбатыгар болҕой.
Ыйааһын.
Күүтүллүбэтэх соһуччу үөрүү дуу, урукку дьонтон сурах дуу кэлииһи. Бу нэдиэлэ тус олоххор или-эйэни аҕалыа. Кэпсэтиигэ аһаҕас буол. Эти-сиини эрчийэргэ барсар кэм.
Ооҕуй.
Өйүҥ-санааҥ сытыырхайар, тупсар кэмэ. Соһуччу уларыйыылар тахсыахтарын сөп. Хорсуннук, ол эрээри толкуйданан дьаһан. Уйулҕаҥ, эмоцияҥ чааһыгар болҕой.
Охчут.
Ханна эрэ айанныыр эбэтэр барар санаа киириэх курдук. Үөрэнэргэ уонна айанныырга табыгастаах кэм. Саҥаны билэ-көрө сатаа. Спордунан дьарыкта.
Чубуку.
Урукку хаалбыт дьыалалары түмүктүүргэ олус табыгастаах кэм. Сүрүн сыалларгын олоххо киллэрэргэ үлэлэс. Кэмигэр утуй, сынньан. Олус ноҕоруускаланыма.
Күрүлгэн.
Туох эрэ быһаарыныы ылынаргар сэниэ, күүс наада буолсу. Саҥа санаа сайан киирэр уонна доҕоттордуун алтыһыы кэмэ. Ураты буолартан толлума. Йоганан дьарыктаныы туһалыа.
Балыктар.
Дьиҥ кутталлаах түгэни бэйэ санаатынан оҥорон көрөн куттаныыттан араарарыҥ уустугуран ылыан сөп. Ис куккун иһит. Бу нэдиэлэ бэйэни кытта соҕотох хааларга барсар. Толкуйа суох атыы-тутуу ыытартан туттун.