КАНИКУЛ КЭМИГЭР ХАННА БАРАБЫТ?
Түмэллэргэ сылдьабыт, билиибитин хаҥатабыт
1. СӨ Национальнай художественнай түмэлэ.
Киириитэ - 300 солк., элбэх оҕолоохторго буор босхо.
2. Ретро техника түмэлэ.
Улахан дьоҥҥо – 400 солк., оҕолорго – 200 солк. (чэпчэтии суох).
3. Ем. Ярославскай аатынан Саха түмэлэ.
Улахан дьоҥҥо – 300 солк., оҕолорго – 120 солк. (элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ барыларыгар босхо).
4. “Арассыыйа – мин историям” түмэл.
Улахан дьоҥҥо – 250 солк., оҕолорго босхо.
5. Сэлии түмэлэ ("Музей мамонта").
Улахан дьоҥҥо – 350 солк., оҕолорго – 100 солк. Каникуллар кэмнэригэр оҕолорго босхо.
6. “Ирбэт тоҥ саарыстыбата”.
Улахан дьоҥҥо – 700 солк., оҕолорго – 450 солк.. Элбэх оҕолоохторго: улахан дьоҥҥо – 450 солк., оҕолорго – 250 солк.
Хаҥкылыыбыт
- “Эллэй Боотур”.
Улахан дьоҥҥо – 350 солк, оҕолорго – 250 солк. (элбэх оҕолоохторго 50% чэпчэтиилээх, биэстэн элбэх оҕолоохторго босхо).
- “Сулус” спорткомплекс.
Улахан дьоҥҥо – 300 солк., оҕолорго – 200 солк. (элбэх оҕолоохторго 50% чэпчэтиилээх).
- ДЮСШ-10 катога (ДСК).
Улахан дьоҥҥо – 280 солк., оҕолорго – 180 солк. (элбэх оҕолоохторго 50% чэпчэтиилээх).
Катоктар сеанстара 1 чаастаах. “Эллэй Боотурга” билиэттэри саайтан ылбыт судургу. Хаҥкы проката 200 солк. саҕаланар. Бэйэҕит хаҥкыгытын илдьэ кэлиэххитин сөп.
Зоопааркалар
- “Зоополис”. 3 филиаллаах (Ф.Попов уул., Жорницкай уул., 202-с түөлбэ).
Улахан дьоҥҥо, 3 сааһын ааспыт оҕолорго – 500 р. Элбэх оҕолоохторго – 450 солк.
- “Орто дойду” – өрөспүүбүлүкэтээҕи зоопаарка.
Улахан дьоҥҥо – 700 солк., 13 саастарыгар диэри оҕолорго – 500 солк. Элбэх оҕолоохторго: улахан дьоҥҥо – 600 солк., оҕолорго – 400 солк., 5-тэн элбэх оҕолоохторго буор босхо.
Бибилэтиэкэлэргэ
Билигин оскуола оҕолоругар аналлаах тэрэһиннэр Дьокуускай бибилэтиэкэлэригэр барыларыгар бааллар. Бырагыраамалара араас, киэҥ. Киириитэ босхо.
Экскурсия быһыытынан аныгы тутуулаах 203-с дьоҕус оройуоҥҥа баар “Смарт” бибилэтиэкэҕэ илдьиэххэ сөп.
Пааркаларга
- “Үрдэл” пааркаҕа киириитэ – босхо, сыырга күнү быһа сылдьыахха сөп – 500 солк.
- “Салгын” пааркаҕа сыаналара 1800 солк. саҕаланар.
- “Батутнай киин” биир чааһа 600 солк. саҕаланар.
Тыйаатырдарга
- П.А. Ойуунускай аатынан Саха драматическай тыйаатырыгар испэктээктэр сыаналара 500 солк. саҕаланар. Обургу оҕолорго барсар саха классикатын туруоруулара бааллар (“Манчаары”, “Тулаайах оҕо”).
- Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырыгар билиэт сыаната ортотунан 400-500 солк. саҕаланар. Быйыл “Золушка” балет, “Бременские музыканты", “Приключения Чипполлино” испэктээктэр бааллар.
- А.С. Пушкин аатынан Нуучча драматическай тыйаатырыгар “Незнайка путешественник”, “Тайна третьей планеты”, “Кентервильское привидение”, "Варвара-краса, длинная коса”, “Синдбад-мореход. Забытые подвиги” испэктээктэр бааллар. Билиэт сыаната ортотунан 500-750 солк.
Саха циркэтигэр
"Время приключений" цирковой шоу билиэтэ 800 солк. саҕаланар.
"Экскурсия за кулисами цирка" эрдэттэн суруйтарыынан - 300 солк.