Күүтүүлээх ыһыахпытыгар бэлэмнэнэбит
Куорат баһылыга Евгений Григорьев «өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун бүттүүнэ Туймаада ыһыаҕа ыытылларын икки сылы быһа күүттэ, ол иһин умнуллубат чаҕылхай бырааһынньыгы тэрийиэхтээхпит» диэн бэлиэтээбитэ.
Кулун тутар 30 күнүгэр ыһыах концепцията бигэргэтилиннэ, быйылгы ыһыах бэс ыйын 25-26 күннэригэр ыытыллар буолла. Санатан эттэххэ, Үс Хатыҥҥа ыытыллар быйылгы 25-с ыһыах Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар, Дьокуускай куорат 390 сылыгар, Арассыыйа норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин сылыгар уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр биллэриллибит Ийэ сылыгар ананар. Эпидемиологической балаһыанньанан сибээстээн «Туймаада ыһыаҕа» икки сылы быһа онлайн-форматынан ыытылынна.
Күүтүүлээх бырааһынньык-пытыгар бэлэмнэнэр түгэн үүнэн эрэр. Ол курдук, муус устар 8-10 күннэригэр киин куорат «Кружало» эргиэн эрээттэригэр «Ыһыаҕым саргылаах таҥаhа, кэскиллээх киэргэлэ» быыстапка-дьаарбаҥка ыытыллар. Саас аайы ыытыллар быыстапка-дьаарбаҥка киин куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын улахан болҕомтотунан туһанар: манна кэлэн сайыҥҥы уонна ыһыахха кэтэр сахалыы мааны таҥаһы, киэргэллэри сакаастыахха сөп. Бу тэрээһиҥҥэ уран тарбахтаахтар саҥа оҥоһуктарын көрдөрөллөр, ким тугу баҕарарын истэллэр, сакаас ылаллар.
Быыстапка-дьаарбаҥка сүрүн хайысхалара:
- Национальнай сахалыы таҥас: дьахтарга, эр киһиэхэ, оҕоҕо;
- үрүҥ көмүстэн үгэс буолбут сахалыы киэргэллэр;
- сылгы сиэлиттэн оҥоһуктар;
- биисэр, тесьма уо.д.а. оҥоһуктарга туттар матырыйааллар;
- национальнай таҥас матырыйаала;
- сувенирдар.
Бырагыраамата:
Ыһыах оҥоһуктарын, тэрилин быыстапка-дьаарбаҥката;
«Симэх» национальнай киин «Сөргүтүү – Возрождение» айар сойууһун маастардарын билсиһиннэрии;
Халадаай историята (100 халадаайдаах дьахтар тахсар);
Сахалыы национальнай таҥаһы уонна киэргэли көрдөрүү;
«Саха Булт» ФАПК АУо баазатыгар үлэлиир «Чэпчэки промышленнас кластера» резиденнэрин оҥоһуктарын сүрэхтэниитэ;
Купоннарынан бириистэри оонньотуу.
Быыстапка кэнниттэн бары кыттааччыларга сертификат бэриллэр.
Билсэр нүөмэрдэр: 8 (4112) 42-07-89, 8 (924) 663-35-32, 8 (914) 280-44-19, электроннай почта: tpp14@mail.ru.