27.10.2026 | 15:00 | Просмотров: 107

Көҥүл тустууга аан дойду чөмпүйэнээтигэр саха бөҕөстөрө үс ыйааһыҥҥа киирсиэхтэрэ

Кинилэр көбүөргэ хаһан тахсалларый?
Көҥүл тустууга аан дойду чөмпүйэнээтигэр саха бөҕөстөрө үс ыйааһыҥҥа киирсиэхтэрэ
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Мария Васильева, СИА
Бөлөххө киир

Саха тустууга оскуолатын биэс иитиллээччитэ аан дойду чөмпүйэнээтигэр кыттарга бэлэмнэнэр. Бэлиэтээн эттэххэ, сыл сүрүн күрэхтэһиитэ бу күннэргэ Астанаҕа буола турар.

Саха бөҕөстөрө көбүөргэ хаһан тахсалларый? Бастакынан 61 киилэҕэ диэри ыйааһыннаахтарга Австралия аатыттан кыттар Георгий Окороковы көрүөхпүт. Кини барыллааһын киирсиитэ бээтинсэҕэ Саха сирин бириэмэтинэн 14:30 чаастан саҕаланыаҕа.

Атын бөҕөстөрбүт көбүөргэ субуотаҕа тахсыахтара. 57 киилэҕэ диэри ыйааһыннаахтарга кытталлар: Европа чөмпүйүөнэ Владимир Егоров (Македония), Азия оонньууларын боруонса призера Айаал Белолюбскай (Таджикистан) уонна 2021 сыллааҕы аан дойду чөмпүйэнээтин үһүс миэстэлээҕэ Арыйаан Тютрин (Беларусь).

Ону тэҥэ 74 киилэҕэ диэри ыйааһыннаахтарга Азия оонньууларын өссө биир призера Виктор Рассадин (Таджикистан) кыттар. Кинилэргэ барыллааһын хапсыһыылар субуотаҕа 14:30 чаастан былааннаммыттар. Оттон 20:30 чаастан полуфиналлар буолуохтара. Уоскутар хапсыһыылары баскыһыанньаҕа 20:30 ч, оттон финал хапсыһыыларын – 22:00 ч. көрүөхпүт.

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.