«Ийэ туһунан норуоттар ыллыыллар» бэстибээл ыытыллыаҕа
Алтынньы 31 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр «Арассыыйа норуоттара» норуоттар икки ардыларынааҕы нэдиэлэ уонна «Үгэстэр араастара – Саха сирин култуурунай куода» бырагыраама чэрчитинэн сыллата ыытыллар «Ийэ туһунан норуоттар ыллыыллар» диэн норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээл буолуоҕа.
Тэрийээччилэр: Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ уонна СӨ Арассыыйа норуоттарын ассамблеята.
Быйыл бэлиэр 14-с төгүлүн ыытыллар быраһынньык үгэс быһыытынан араас омук бэрэстэбиитэллэрин түмүөҕэ. Бу киэһэ көрөөччүлэр ийэ туһунан ырыалары сахалыы, нууччалыы, эбээннии, дьүкээгирдии, эрмээннии, кыргыыстыы уо.д.а. тылларынан истиэхтэрэ.
Кэнсиэр бырагырааматын оҕолортон саҕалаан улахан дьоҥҥо тиийэ саастаах ырыа ансаамбыллара уонна соҕотох толорооччулар бэйэлэрин чаҕылхай нүөмэрдэринэн киэргэтиэхтэрэ. Ийэҕэ тапталга билинии ураты тэрээһинигэр кыттааччы сыл аайы элбии турара үөрдэр.
Эмиэ бу күн «Ийэлэр илиилэригэр норуот үгэстэрин харыстааһын» национальнай-култуурунай холбоһуктар дьахталларын өрөспүүбүлүкэтээҕи форума ыытыллыаҕа.