12.10.2026 | 11:09 | Просмотров: 66

Ийэ хапытаалын туһунан өссө биирдэ

Кэлэр сыл олунньу 1 күнүттэн дойду таһымнаах Ийэ хапытаала, буоларын курдук, индексацияланыа. РФ Үлэ министиэристибэтин быһа барыллаан ааҕыытынан индексация 6,8 бырыһыан буолуохтаах.
Ийэ хапытаалын туһунан өссө биирдэ
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Оҥоһуу Өй
Бөлөххө киир

Оччотугар Ийэ хапытаала:

Бастакы оҕоҕо  49,6 тыһ. солк. үрдээн, 778,5 тыһ. солк. буолуоҕа.

Иккис оҕоҕо – 1, 03 мөл. солк. тэҥнэһиэ. (бастакы оҕолоругар Ийэ хапытаалын ылбыттарга 250,3  тыһ. солк. эбии ааҕыы оҥоһуллар).

Оҕо төрөөтөҕүнэ бэриллэр биир кэмнээх босуобуйа  —  30,4 тыһ. солк. диэри буолар.

Судаарыстыба бу көмө, өйөбүл үбүн туохха туһаныахха сөбө:

-Олорор дьиэ усулуобуйатын тупсарарга. Ити иһигэр олорор дьиэни атыылаһыы, тутуу, ипотеканы сабыы киирэр.

-Оҕону үөрэттэрэргэ.

-Инбэлиит оҕоҕо туттуллар табаар төлөбүрүгэр уонна өҥөҕө.

-Төрөппүттэн накопительнай биэнсийэлэрин төрүттүүллэригэр.  

-Оҕо үс сааһын туолуор диэри ый ахсын төлөнөр төлөбүргэ. Бу маны эрэгийиэҥҥэ бигэргэммит тииһинэн олоруу алын кээмэйин иккигэ төгүллээбиттэн кыра дохуоттаах ыал туһаныан сөп.

Ийэ хапытаалын төрөппүттэн туох да сайабылыанньаны ирдээбэккэ, оҕо төрөөбүтүн туһунан иһитиннэрии киирдэ да, дойду Социальнай пуондата бэйэтэ быһа ааҕан ыытар.

 

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.