Ийэ буолууга эппиэтинэстээх сыһыан нэдиэлэтэ
Кулун тутар 2 – 8 күннэригэр Саха сиригэр ийэ буолууга эппиэтинэстээх сыһыан нэдиэлэтэ ыытыллар. Бэрэсидьиэн Владимир Путин көҕүлээбит «Дьиэ кэргэн» национальнай бырайыагын чэрчитинэн 18-тан 49-гар диэри саастаах дьахталлар уонна эр дьон бу күннэргэ репродуктивнай доруобуйаларыгар бэрэбиэркэни босхо ааһыахтара. Судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларын нөҥүө суруйтаран эбэтэр табыгастаах кэми талан 122 нүөмэргэ эрийиэххэ сөп.
Ийэ буолууга эппиэтинэстээх сыһыан нэдиэлэтин чэрчитинэн ыытыллар тэрээһиннэр сыалларынан оҕо төрөтөр саастаах дьахталларга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр хат буолууну былааннааһын, учуокка эрдэ туруу, чөл олоҕу тутуһуу уонна ийэ доруобуйатын харыстыырга кэмигэр медицинскэй кэтээн көрүү суолтатын туһунан өйдөбүлү тарҕатыы буолар.