Иван Луцкан Пирогов уордьанынан наҕараадаланна
Өрөспүүбүлүкэтээҕи харах балыыһатын кылаабынай бырааһа Иван Луцкан Пирогов уордьанынан наҕараадаланна. Ол туһунан Арассыыйа Бэрэсидьиэнин Ыйааҕа Кириэмил саайтыгар таҕыста.
Иван Петровичка доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр кылаатын уонна өр сыллаах сыралаах үлэтин иһин судаарыстыбаннай наҕараада иҥэрилиннэ.
Медицина билимин хандьыдаата, СӨ уонна Арассыыйа доруобуйа харыстабылын туйгуна, ДНР үтүөлээх бырааһа Иван Петрович Луцкан Өрөспүүбүлүкэтээҕи харах балыыһатын 2020 сылтан салайар.
Манна даҕатан эттэххэ, быйыл үйэлээх үбүлүөйүн бэлиэтээбит медицинскэй тэрилтэ Саха сиригэр инники күөҥҥэ сылдьар, оттон үрдүк таһымнаах үлэтэ дойду үрдүнэн биһирэнэр. Балыыһа саҥа технологиялары туһанан, сайдыы аартыктарын арыйар.
Манна Арассыыйа үрдүнэн оҥоһуллар эпэрээссийэ 95%-на толоруллар. Быйыл олунньу 22 күнүгэр аныгылыы оборудованиенан хааччыллыбыт эпэрээссийэлиир саҥа блок аһыллыбытын, оҕо салаата кэҥээбитин бэлиэтээн этэр тоҕоостоох.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата