12.08.2025 | 17:41 | Просмотров: 200

Ититии тиһигин ыраастыыллар

Ититии тиһигин ыраастыыллар
Ааптар: Марфа ИВАНОВА
Бөлөххө киир

Оттук сезонугар бэлэмнэнии чэрчитинэн элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ, социальнай суолталаах тэрилтэлэргэ ититии ситимин ыраастыыр үлэ ыытыллар.

Ол курдук, ааспыт нэдиэлэ түмүгүнэн 2025-2026 сс. оттук сезонугар бэлэмнэнии ыстаабын уочараттаах мунньаҕар элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр истэринээҕи ититии тиһигин 76%-на, социальнай эбийиэктэргэ 84%-на ыраастаммытын кэпсээтилэр.

Оттон «Теплоэнергия» АУо салайар хампаанньалар көрөр-истэр 894 элбэх кыбартыыралаах дьиэлэриттэн 489-гар (54%) ититии тиһигин ыраастыыр үлэни ыыппыттарын иһитиннэрдэ. Социальнай эбийиэктэргэ – 72 (50%).

ЯТЭЦ иһитиннэрбитинэн, 1443 элбэх кыбартыыралаах дьиэттэн 1133-гэр (79%) тиһиги ыраастыыр үлэ барбыт, 408 социальнай эбийиэктэн 298-гар (73 %) бу үлэ түмүктэммит.

Атын хааччыйар тэрилтэлэр 253 дьиэҕэ уонна 85 социальнай эбийиэккэ ититии систиэмэтин ыраастаабыттар.

Территориятааҕы уорганнар салайар тэрилтэлэр дьиэлэр ититиинэн хааччыллар тиһиктэрин ыраастыыр үлэлэрин хонтуруолга туталлар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Дьукаах
Сонуннар | 10.11.2026 | 19:30
Дьукаах
Олоххо буолбут түбэлтэ.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп