Испэтэх ордук буолсу
Доҕордуу сыһыана суох тас дойдуттан киирэр пиибэ уонна үрдүк кыраадыстаах арыгы түһээнэ ( пошлината), 2027–2029 сыллардааҕы бүддьүөт бэлиитикэтигэр олоҕуран, үрдүө диэбиттэр.
1 л пиибэ ыстаапката билигин 1,5 евро буоллаҕына, 5 евро буола үрдүүр. Оттон акциһа — өссө 6,5%.
Инньэ гынан, эспиэрдэр ааҕан- суоттаан көрүүлэринэн, күн бүгүн 250–300 солк. атыыланар пиибэ , түһээн, акциз үрдээтэҕинэ ... 450–500 солк. буолуон сөп.
Биллэн турар, ретейлердар бастаан утаа баар саппаастарын батарыахтара, онон сыана тута үрдүө суоҕа диэн сылыктыыллар. Сыанатын ону да үрдэтэр баҕайылар ини.
Пиибэ, арыгы түһээнин үрдэтии түмүгэр кэлэр үс сылга хааһынаҕа 30 млрд солк. эбии киириэ диэн суоттаналлар.
Ол гынан баран, Европаттан кэлэр пиибэ доҕордуу сыһыаннаах дойдулар нөҥүө аҕалыллара этиллэр. Онон ол өттө олус үрдүө суоҕун сөп үһү. Быһата, абааһы аһыттан аккаастаммыт ордук.