«Искусство түүнэ»: Дьокуускайга туох тэрээһиннэр буолалларый?
СӨ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата ханнык тэрээһиннэр ыытыллалларын кэпсээтэ.
Сэтинньи 4 күнэ
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай ойуулуур-дьүһүннүүр түмэлин сүрүн дьиэтигэр киэһэ 19:00 чаастан 22:00 чааска диэри ыалдьыттар быыстапкалары босхо көрүөхтэрэ уонна анал бырагыраамаҕа кыттыахтара.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай бибилэтиэкэтэ ааҕааччыларыгар баай ис хоһоонноох култуура бырагырааматын бэлэмнээбит. Манна Михаил Николаев хартыына галереята аһыллыаҕа. Онно өрөспүүбүлүкэ Бастакы Бэрэсидьиэнин кэллиэксийэтигэр бэлэхтэммит Саха сирин биллиилээх худуоһунньуктарын айымньылара көрдөрүүгэ туруохтара. Быыстапка Николаев-Киин салайааччыта Юрий Семенов экскурсиятынан арыалланыаҕа.
Ыалдьыттары хомуска уонна вокалга маастар-кылаастар, биллиилээх муусукаан Андрей Дедюкинныын муусука устуоруйатын араас кэрдиис кэмин билиһиннэрэр дьоро киэһэ күүтэр. Тэрээһин биир ураты түгэнинэн номоххо кубулуйбут «Чолбон» рок-бөлөх ырыаһыта Григорий Ильины кытта көрсүһүү буолуоҕа. Бу бөлөх туһунан документальнай киинэ ааптара, режиссер Кыйаара Юмшановалыын көрсүһүүгэ кэлбит дьон элбэҕи билиэхтэрэ. Бырагыраама 16:00 чаастан саҕаланар.
Былатыан Ойуунускай аатынан Саха судаарыстыбаннай литература түмэлигэр араас маастар-кылаастар уонна быыстапкалар ыытыллыахтара.
Сэтинньи 7 күнэ
Сарсыарда 11:00 чаастан «Саха балаҕана» этнография киинигэр (Ем. Ярославскай аатынан Саха түмэлэ) «Саха кыһынын аптаах эйгэтэ» диэн тэрээһин буолуоҕа. Ыалдьыттар оһох сылааһыгар бигэнэн, алыптаах остуоруйалары уонна кэпсээннэри истиэхтэрэ, ону сэргэ тыыннаах муусукаҕа уйдарыахтара уонна норуот ырыаларынан дуоһуйуохтара.